Page 125 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 125

* * *
            Сэмэн  заставаҕа  кэлэн  үлэлээбитэ,  эрчиллибитэ  уонча
         хоммутун  кэннэ  застава  начальнига  кинини  соҕотохтуу  кыра-
         ныыссаҕа  күнүскү  нэрээттэри  бэрэбиэркэлэтэ  ыытта.  Тыала
         суох чуумпу күн Днестр өрүс уута, сиэркилэ таас курдук, мэн-
         дээрэ уста сытар. Сэмэн көрбүтэ: өрүс уҥуоргу кытылынан ру-
         мын саллаата бинтиэпкэтин санныгар туора быраҕан, аргыый
         иһиирэ-иһиирэ,  хаама  сылдьар.  Сэмэн  утаа  соҕус  одууласта.
         Румын  саллаата,  кинини  көрөн,  тохтоото.  Бинтиэпкэтин  сир-
         гэ  бырахта,  хоонньуттан  «свирели»  ылан,  үчүгэй  баҕайытык
         балайда  оонньоото.  «Манабылга  сылдьан  ити  тоҕо  оонньуур
         баҕайытай?» — дии санаата Сэмэн.
            Кини,  демаркационнай  линияҕа  нэрээккэ  сылдьар  погра-
         ничниктар эбээһинэстэрин хайдах толороллорун бэрэбиэркэ-
         лээн  баран,  заставаҕа  төнүннэ.  Застава  начальнигар  кэлэн,
         тугу көрбүтүн дакылааттаата.
            — Табаарыс Владимиров, дьиэҕэр тахсан сынньан. Бу түүн
         тоһуурга барыахпыт, — диэтэ Иван Иванович Бабинцев.
            Заставаттан  тахсан,  Сэмэн  Владимиров  хоһугар  киирдэ.
         Таҥаһын сыгынньахтаммакка эрэ, саппыкытын устан, оронугар
         сытта. Утуйуон баҕарбат, уута да кэлбэт. Кэпсэтэн, санаатын
         аралдьытыан, соҕотох. Соҕотохсуйуу хобдоҕо бу хоско киириэ-
         ҕиттэн  ыла  арахсыбат.  Сэмэн  хаһан  да  бу  курдук  соҕотохсу-
         йан көрө илигэ. Кыратыгар ийэтин кытта сылдьара. Оскуолаҕа
         биир гэ үөрэнэр доҕоттордооҕо. Кыһыл этэрээти кытта барсан
         да  баран  соҕотохсуйбатаҕа  —  сүүһүнэн  байыастар  ортолору-
         гар  сылдьыбыта.  Гражданскай  сэрии  кэнниттэн  совпартшко-
         лаҕа үөрэнэ киирбитэ. Онно эмиэ доҕоттордооҕо уонна аҕатын
         кытта бииргэ олорбута. Оттон оччотооҕуга байыаннай оскуо-
         лаҕа үөрэнэригэр соҕотохсуйуо дуо! Дьэ манна, пограничнай
         заставаҕа үлэлии кэлэн баран, соҕотохсуйда.
            «Бэйи  эрэ,  Шураҕа  сурук  ыыппытым  хас  хонно?»  —  диэн
         саныы сыттаҕына, ким эрэ аанын тоҥсуйда. «Баҕар, Шураттан
         сурук  кэлбитин  аҕалбыттара  буолаарай?»  —  оронугар  олоро
         түстэ, баттаҕын өрүтэ анньыммахтаата.
            — Киир, киир!.. Аан аһаҕас!
            Аан аргыый аһылынна. Таня, уолчаанын Игорёгу көтөхпүтү-
         нэн, киирбэккэ, аан аттыгар туран:
            — Иван  Иванович  биһиэхэ  тугу  да  илдьиттээбэтэ  дуо?  —
         диэн ыйытта.
            — Суох, тугу да илдьиттээбэтэҕэ.
            — Киэһээ аһылыгар кэлэрэ дуу?

                                                                      125
   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130