Page 129 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 129
— Чэйиҥ, заставаҕа тахсыаҕыҥ, аны туох да кэлиэ суоҕа! —
диэт, Бабинцев турда. Ыллыкка тахсыбакка, садтар кэтэхтэ-
ринэн заставаҕа быһа бардылар, — Да, табаарыс Владимиров,
бэҕэһээ киэһэ коменданы кытта кэпсэппитим… Кини мин уоп-
пускаҕа барарбар сөбүлэстэ. Эн бүгүн уонна сарсын миигит-
тэн заставаны тутаҕын.
— Хайдах?.. — Сэмэн соһуйда. — Кэбис, кыайыам суоҕа!
— Кыайыаҥ-кыайыаҥ!
Заставаҕа кэлиэхтэригэр диэри Сэмэн санааҕа ылларда:
«Саатар, биир-икки ый бииргэ үлэлээбиппит, кыраныысса су-
лууспатын тэрийэргэ үчүгэй соҕустук үөрэммитим, билбитим
кэннэ да эбитэ буоллар… Билигин, соҕотоҕун хаалан, хай-
дах салайыахпыный?.. Кыраныысса сулууспатын туһунан мин
билбитим диэхтээн, иккис сылыгар сулууспалыыр «кырдьаҕас»
пограничниктартан ордуга суоҕа чахчы… Уонна хайдах кыа-
йыахпыный?».
— Табаарыс начальник, эйигин солбуйан заставаны сала-
йар кыаҕым суох… Ол туһунан комендаҥҥа дакылааттыам, —
диэтэ Сэмэн.
Иван Иванович Бабинцев, хаамарын бытаардан, Сэмэни
тоҥолоҕуттан ылла:
— Мин бэҕэһээ киэһэ комендаҥҥа: «Табаарыс Владимиров
миигин солбуйар кыахтаах, мин оннубар заставаҕа кини хаа-
лыа», — диэбитим. Куттаныма, «Москва биирдэ тутуллубатаҕа»
диэн өс хоһооно баар буолбат дуо? Бастаан утаа, Чупахины
көмөлөһүннэриэҥ. Кини пограничнай сулууспаны үчүгэйдик
билэр.
Сэмэн начальнигар утарсан, кини уоппускатыгар барарын
хааххайдаһыан кэрэйдэ. Сөбүлэһэригэр эрэ тиийдэ.
* * *
Балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр Иван Иванович Бабинцев
сынньалаҥыттан кэллэ. Заставаҕа Владимиров кинини сол-
буйан олорбут кэмигэр туох-туох буолуталаабытын барытын
сиһилии кэпсээтэ. Бабинцев бэркэ болҕойон иһиттэ. «Көр,
көмөлөһөөччүм пограничнай сулууспаны билбит!» диэн, иһигэр
сүрдээҕин хайҕаата.
— Табаарыс Владимиров, застава аатын түһэн биэрбэтэх-
хит. Турунчугу быстарбытыҥ бэрт сөп. Кырдьыга, Днестр өрүс
сүрүн үөһүн төрдүн кумах тибэр буолбута ыраатта. Сотору Ту-
рунчугунан уута барара, урукку сүнньэ элгээн буолара чуга-
һаабыта… Румыннар туоратааччыларын тутаргытыгар алҕаһаа-
129