Page 133 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 133

— Табаарыс  начальник,  сыыһа  бардыбыт,  уҥа  барыахтаах
         этибит, — диэтэ Петухов.
            — Суох, табаарыс Петухов, сөпкө баран иһэбит. Мин куорат
         коммунальнай гостиницатыгар таарыйар наадалаахпын.
            Коммунальнай  гостиница  аттыгар  кэлэн,  Сэмэн  атыттан
         түстэ, тэһиинин Петуховка туттарда.
            — Мин  начаас  тахсыам!  —  диэт,  тимир  кирилиэһинэн  өрө
         сүүрэн таҕыста. Кини Шура хайаан да дьуһуурунайдыыра буо-
         луо диэн эрэнэн кэлбитэ. Хомойуон иһин, Шура бүгүн дьуһуу-
         рунайдаабат эбит. Тася Сэмэн Владимиров саабылалаах, мау-
         зердаах киирбитин соһуйа, дьиктиргии көрдө.
            — Шура Брунёва бүгүн дьуһуурунайдаабат эбит дуу?
            — Суох…  Сарсын  дьуһуурунайдыаҕа…  Киниэхэ  наадалаах-
         хын дуо?
            — Владимиров  кэлэ  сырытта  диэ…  —  Сэмэн  Владимиров
         итинтэн ордук тугу да эппэтэҕиттэн Тася дьиктиргээтэ.
            — Итиэннэ… туох диибиний? — диэн ыйытта.
            — Бэйи, мин киниэхэ кыра соҕус саппыыската суруйуум, —
         диэт, Сэмэн сиэбиттэн блокнотун ылан, биир лииһи туура тар-
         та, дьуһуурунай остуолун муннугар бүк түһэн, суруйда:
            «Шура,  билигин  Кара  сэлиэнньэтинээҕи  заставаҕа  кэлэн
         үлэлээн  эрэбин.  Биир  ыйга  застава  начальнигын  солбуйа­
         бын. Эйигин көрсүөм диэн киирбитим, суох эбиккин. Кыахтаах
         буол лаххына, заставаҕа кэлэ сырыт.
            ВЛАДИМИРОВ».
            Сэмэн лииһин бүк тутан таһыгар «Брунёваҕа» диэн суруйда.
            — Бука баһаалыста, бу саппыысканы Брунёваҕа туттараар!
            — Сөп, туттарыам!
            Сэмэн үөрэнэн хаалбытынан эргиллэ түстэ, шпоралаах каб-
         луктарын  охсуһуннартаан  кылыр  гыннарда.  Түргэнник  тахсан
         барда.
            Тася,  уолуйан  хаалан,  Сэмэн  Владимиров  тахсан  барбыт
         аанын  одуулаһан  турбахтаата.  Онтон,  тутан  турар  кыракый
         лоскуй  кумааҕытын  арыйан  Шураҕа  тугу  суруйбутун  ааҕаары
         гынан баран, тутунна. «Бэйи, сарсыарда Шураттан бэйэтиттэн
         ыйытыам», — диэн саныы-саныы, Владимиров саппыыскатын
         остуол дьааһыгар кистии укта.
            Хас  да  хонук  ааста.  Шура  күн  аайы  Караҕа  Сэмэни  көрсө
         тахсыан баҕарар да, хайдах эрэ табыллыбат. Аны туран Абра-
         ша киниэхэ сыбыытаата. Арыт иллюзиоҥҥа хартыына көрө ба-
         рыах диэн ыҥырар, арыт киэһэ Покровскай уулуссаҕа тахсан
         төттөрү-таары  хаамсаллар.  Биирдэ  Абраша  Шураны,  дьиэти-

                                                                      133
   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138