Page 134 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 134
гэр аҕалан иһэн, уураары хаайда. Шура туох иһин буолбата.
Абраша өһүргэммит курдук тутунна. Шура хайдах уураһыай, ки-
ни бу күннэргэ саныыр эрэ санаата, өйдүүр эрэ өйө Сеня этэ.
Сарсыарда Шура дьуһуурустубатын туттаран баран, гости-
ницаттан таҕыста. Төһө да сылайдар, Шура дьиэтигэр бар-
бата. «Баҕар, Сеняттан сурук баара буолаарай?» диэн, поч-
таҕа киирдэ. Бу күннэргэ Шура куруутун сурук тутар, киирэн
ыйы тар буолан, кини түннүккэ көстөөтүн кытта, почта үлэһитэ
кыыс, үөрбүттүү:
— Брунёва, эйиэхэ сурук баар!.. Бэҕэһээ кэлбитэ, сып-сы-
лаас сытар! — дии-дии, мичээрдээтэ.
Шура сурук баарын истэн олус үөрдэ, сылайбытын умнан
чэпчээтэ. Суругу ылан кэмбиэрин хайа тарта уонна муннукка
баран аахта:
«Үтүө күнүнэн, Шура!
Бэҕэһээ киэһэ Кара заставатыгар кэллим. Манна биир ый
олоруом. Билигин үлэлиир, олорор сэлиэнньэм куораттан,
эйи гиттэн чугаһаан үөрэбин. Күннэтэ да буолбатар, сотору
сотору куораты таарыйар, эйигин көрсөр кыахтанным. Биллэн
турар, эн миигин кытта көрсүһүөххүн, кэпсэтиэххин баҕарар
буоллаххына.
Шура, сэгэриэм, тоҕо эрэ, эйигин ахтабын, көрсүөхпүн
олус баҕарабын. Шура, баҕар, итини ааттыыллара буолаарай
«таптал» диэн. Оннук буоллаҕына, өһүргэнимэ, мин эйигин
таптыыбын!..
Куораты таарыйдахпына, эн үлэлиир сиргэр хайаан да кии
рэ сылдьыам. Мантан ордук, эн хардаҕын ыла иликпинэ, тугу
суруйуохпунуй?
Көрсүһэрбитин күүтэбин! СЕНЯ».
Шура бу суругу хаста да хатылаан аахта. Сотору-сотору
Сэмэн суругуттан: «…мин эйигин таптыыбын!» диэн суруйбу-
тун ааҕыталаата. Сүрэҕэ долгуйда, эт-этэ итийтэлээтэ. «Бүгүн,
сибилигин, Караҕа Сеняны көрсө тахсабын!» диэн, Шура бул-
гуччулаахтык быһаарынна.
Шура эт-этэ чэпчээтэ, санаата көннө, сирэйдиин-харах-
тыын тубуста. Почтаттан тахсан дьиэтигэр баран иһэн, «Сеня
мии гин таптыыр!» диэн, уоһун иһигэр ботугуруур. Ити курдук,
үөрэн-көтөн, дьиэтигэр киирдэ. Тоҕо эрэ, кини кэлэрин ийэ-
лээх эдьиийэ көһүппүт курдук олороллор, ааны аһан киирээтин
кытта, иэйбит-куойбут куолаһынан:
— Шура-а! — диэтэ эдьиийэ Клава. — Бэҕэһээ киэһэ Микэ
134