Page 135 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 135

часовщик  кэргэниниин  Надялыын  киирэ  сырыттылар…  Таай,
         Шура, тоҕо киирэ сылдьыбыттара буолуой?
            — Наумнуун  арыгы  иһэ  киирэ  сырыттылар  ини,  —  Шура
         дьаа лата суох хардарда.
            — Акаары, Одессаттан Микэ эдьиийин уола кинилэргэ ыал-
         дьыттыы кэлбит, — диэтэ Клава.
            — Тоойуом, Микэлээх ол уолу кытта эйигин билиһиннэрээ-
         ри гыналлар, — диэтэ ийэтэ эмээхсин уонна Шура эҥил баһын
         имэрийбэхтээтэ. — Ол уолга эргэ тахсарыҥ буоллар… Дьолуҥ
         буолуо…  Одесса  биһиги  куораппытыгар  холобурдаах  куорат
         буолуо дуо? Муората, порда, улахана, кэрэтэ.
            — Ийээ,  хас  ыалга  кэлэр  ыалдьыттары  кытта  тоҕо  миигин
         билиһиннэрэ, холбуу сатыыгыный?
            — Акаары, тугу өйдүөҥ баарай!.. Эйигин билэр буоланнар,
         ол Микэлээх сурдьулара уолу кытта холбуу сатыыллар, — диэн
         Клава хабылыктанна.
            — Хайдах?.. Мин кинилэр сурдьуларын урут көрө да, кэпсэ-
         тэ да илик уолум… Онно хайдах миигин биэрэн ыытаары гы-
         наҕытый?
            — Бүгүн  күнүс,  эбиэккэ,  сурдьуларын  илдьэ  Микэлээх  би-
         һиэ хэ  кэлиэх  буолбуттара…  Онно  көрүөҥ,  билсиэҥ  буоллаҕа
         дии, — диэтэ Шураҕа ийэтэ.
            — Хата,  үчүгэйдик  суун-тараан…  Саҥа  былаачыйаҕын  кэт,
         киэргэн!
            Шура  соһуйбут  курдук,  маҥнай  ийэтин,  онтон  эдьиийин
         сирэйдэрин кэриччи көрүтэлээтэ.
            — Эһиги, эһиги ол уолларын көрбүккүт дуо?
            — Сэрэйбит көрбүттээҕэр ордук, Одесса курдук улахан куо-
         ракка үөскээбит уол чахчы үчүгэй буолуо, — диэтэ ийэтэ.
            — Одессаҕа  эргэ  тахсан  олороруҥ,  истиэххэ  да  үчүгэй
         буол бат дуо, ааргы! — Клава балтын үрдүгэр түстэ.
            Шура: «Хойутаабыккыт!.. Мин сүрэҕим сөбүлүүрүн, таптал-
         лаахпын булбутум!» — дии санаан мичээрдээтэ.
            — Микэ часовщиктаах өссө тугу кэпсииллэрий?.. Ол Одес-
         саттан  сылдьар  сурдьулара  миигин  көрө  илик  буолбат  дуо?
         Уонна хайдах сыбааттарын ыытарый? — диэн, Шура холкутук
         ыйытта.
            — Үнүрүүн  Микэ  кэргэнэ  киирэн,  эн  хаартыскаҕын  улар-
         сык ылан тахсыбыта, — диэн, Шураҕа ийэтэ кэпсээтэ. — Ону
         Одессаҕа  сурдьуларыгар  көрдөрө  ыыппыттар…  Уол  эйигин,
         хаартыскаҕыттан көрөн, сөбүлээн кэллэҕэ дии.
            Шура тулуйбата, лаһыгыраччы күллэ. «Кыыспыт туох буол-

                                                                      135
   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140