Page 140 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 140
ныы-саныы, Сэмэн часовойга тиийдэ. Часовой Воронов ки-
нилэр кэлбиттэригэр дакылааттаата:
— Табаарыс начальник, биир киһи сөтүөлүү киирбитэ…
Маҥнай, төттөрү-таары, кытылтан ырааппакка уста сылдьы-
быта. Онтон улам-улам үөскэ киирэн барбыта. Төннүө диэн,
мин кинини тохтоппотоҕум. Өрүс үөһүгэр чугаһаат, умсубута
уонна күөрэс гына түһээт… уҥуоргу кытыл диэки дьулуспута…
Мин маҥнай «сэрэтэр» гына ыппытым. Төннүбэтэҕэ… Өрүс
ортотун ааһан эрдэҕинэ, иккитэ ыппытым да… таппатаҕым…
Уҥуор куотта.
Уҥуор куоппут киһи таҥаһын көрдүлэр — туох да доку муон,
сурук, кумааҕы суох. Ким куоппута биллибэт. Сэмэн бу туһу-
нан, заставаҕа төннөөт, комендаҥҥа дакылааттыахтаах. Зас-
таваҕа төннөн тахсыбыта — Шура кэлбит! О-о, демаркацион -
най линияны киһи кэспэтэҕэ, куоппатаҕа буоллар, бу күн
Сэмэҥҥэ төһө эрэ үөрүүлээх күн буолар этэ. Хайыай, Шура-
ны кытта кэпсэтэрин оннугар, кини комендаҥҥа киһи куоппут
хомолтолоох түбэлтэтин туһунан дакылааттыахтаах.
Комендант киниэхэ төлөпүөнүнэн эттэ:
— Мин ааппар ол киһи хайдах куоппутун туһунан рапорда
суруй… Ол көрөн туран куоттарбыт часовойга бэйэҥ былаас-
кынан миэрэтэ ыл. Оттон эйигин, табаарыс Владимиров, сэ -
рэтэбин, инники өттүгэр демаркационнай линияҕа турар нэ-
рээттэри үчүгэйдик инструктажтаан, эбээһинэстэрин төһө үчү-
гэйдик билэллэрин бэрэбиэркэлээн ыыталыыр буол.
Комендаҥҥа киһи куоппутун туһунан дакылааттыырыгар
Сэмэн Владимиров: «Комендант миэхэ миэрэ биэрэрэ буо-
луо», — дии санаабыта. Хата, төлөпүөнүнэн «сэрэттэ» эрэ. Ол
эрээри, кини заставатын учаастагынан киһи куоппутугар Со-
ветскай Ийэ дойдутун иннигэр бэйэтин улахан буруйдааҕынан
ааҕынна.
Шура олбуор ааныттан тэйиччи, уулусса нөҥүө баран турар.
Оспуоччук фаэтонугар бүк түһэн олорор. Сэмэн икки илиитин
ууммутунан Шураҕа сүүрэн кэллэ.
— Бырастыы гын, Шура, өр көһүтүннэрдим быһыылаах. Чэ,
мин дьиэбэр барыах!
— Тоҕо эн дьиэҕэр барабытый? — Шура дьиксиммит кур-
дук ыйытта. — Кэбис, Сеня, аны кэллэхпинэ… Мин сибили-
гин куоракка төннүөхтээхпин… Арааһа, Сеня, эн бокуойа суох
быһыылааххын.
— Аны, Шура, хаһан кэлиэххиний?
— Аныгы дьуһуурустубам кэнниттэн… Үс хонон баран.
140