Page 141 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 141
— Көһүтүөм, Шура! — Сэмэн кыыс илиитин тутта.
Шура икки имин хаана тэтэрдэ. Хараҕын уолтан араарбат.
Төһө да кинилэр тылларынан «мин эйигин таптыыбын!» дэспэ-
тэхтэрин иһин, ол харахтарыгар биллэрэ. Бу туран Шура иһи-
гэр быһаарынна: «Одессаттан сылдьар уол төһө да кырасыа-
бай буоллун, мин бу Сеняттан ураты кими да таптыам суоҕа!».
Кырдьык, болдьообутун курдук, Шура үс хонон баран, күнүс
Кара заставатыгар кэллэ. Часовой, олбуор ааныгар кыыс ту-
рарын көрөөт, мичээрдээтэ:
— Сибилигин начальнигы ыҥырыам! — диэтэ уонна Сэмэн
Владимировка дакылааттаата. — Табаарыс начальник, били
үнүрүүн кэлэ сылдьыбыт кыыс кэллэ, эйигин көһүтэн олбуор
ааныгар турар.
Сэмэн таҕыста. Кыыс килбигийэн, мичээрдии-мичээрдии,
сирэйин кистии тутунна уонна саҥата суох заставаттан, по-
граничниктартан тэйэ, аргыый уулусса устун барда. Сэмэн
Владимиров кинини кытта сэргэстэһэ хаамта. Сотору уулус-
са Днестр өрүс хотоолугар, сад иһигэр киллэрдэ. Шура мас
күлүгэр тохтоото.
— Сеня, эн миигин төһө көһүттүҥ?
— Көһүтэн… Олус көһүттүм, — Сэмэн кыыһы илиитинэн тут-
та.
Шура кини илиитин араарбакка суолу көрөн, таалбыт кур-
дук, турда.
— Шура, бэйэҥ тускунан, дьонуҥ тустарынан кэпсээ эрэ, —
Сэмэн кыыһы кытта туох туһунан кэпсэтиэн булумуна көрдөс -
тө. Ити кыраныысса аттыттан тутуллубуттартан ыйытар «ан-
кета» боппуруоһун курдук. Шура эмискэ Сэмэн сирэйин көрө
охсон ылла, мичээрдээтэ уонна аргыый ыйытта:
— Сеня, билсиһэр кыргыттаргыттан ити курдук ыйытааччы-
гын дуо?
— Суох, Шурочка, эйигиттэн эрэ ыйытабын… Истиэхпин,
би лиэхпин баҕарабын… Кырдьык этэбин…
— Оннук буоллаҕына, — диэн баран, Шура мас төрдүгэр
күөх окко олордо, — Мин олоҕум да диэн… Аҕам, аҕыс ый-
даах оҕо эрдэхпинэ, тиф ыарыыттан өлбүтэ үһү… Кинини кыт-
та биир кэмҥэ алталаах уонна түөртээх уолаттар өлбүттэр…
Ийэм, туох да үөрэҕэ суох дьахтар, икки кыыһыныын хаалбыт.
Эдьиийим Клава миигиттэн икки сылынан аҕа. Аҕам, Бру-
нёв, биһиги куораппытыгар Гомелевскай губернияттан кэлбит
киһи эбитэ үһү. Кини Тираспольга турар полкаҕа саллаатынан
сулууспалаабыт… Ол сылдьан, мин ийэбин кытта билсис-
141