Page 146 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 146

ҥурдааҕын  быстара  госпитальга  киирэр  буолбут.  Сэмэн  ки-
             нини солбуйуохтаах.
                Выхватенца  заставатыгар  Сэмэн  ыйтан  ордук  кэм  заста-
             ва начальнигын солбуйан олордо. Тирасполь куораттан Шура
             уолламмытын  туһунан  биллэрдилэр.  Сотору  соҕус  Шура  уол
             оҕо төрөөбүтүн туоһулуур «родилка» ыспыраапкатын кытта кы-
             ракый  саппыысканы  ыыппытын  тутта.  Шура  суруйбут:  «Сеня,
             оҕобутун эн загсалаа, бэйэҥ сөбүлүүргүнэн ааттаа», — диэн.
                Сэмэн уол оҕоломмутуттан олус үөрдэ. Кэргэнин саппыыс-
             катын уонна ыспыраапканы хаста эмэтэ аахта. «Оҕобутун ким
             диэн  ааттатарым  ордук  буолуой?»  —  эр  дьон  ааттарын  ба-
             рыларын сүүмэрдээтэ. Биир да аат сөп түбэспэт курдук. Ити
             курдук мучумааннана сылдьан, Сэмэн төрөөбүт дойдутун ахта
             санаата.  «Кыыс  төрөөбүтэ  буоллар,  Лена  өрүс  өлбөт-сүппэт
             аатын  биэриэ  этим…  Уолбар?..  Бэйи  эрэ,  Алдан  өрүс  аатын
             биэрэрим дуу?.. Суох, мин олоҕум Алдан өрүскэ туох да сыһыа-
             на суох. Оччоҕо? Оттон Витим өрүс аатынан ааттаатахпына?..
             Витим?.. Витя?.. Син буолсу буолбат дуо?.. Мин дьонум Витим
             өрүскэ  дьоллорун  көрдүү  кэлбиттэрэ  үһү…  Онтон  дьоллорун
             булбуттара  дуо?..  Советскай  былаас  олоҕурарын  аҕам  онно
             көрсүбүтэ…  Дьоллорун  буллахтара  ол  дии!..  Уолбун  Витим
             диэн загсаҕа суруттарыым… Дьиэбитигэр кинини «Витя!.. Ви-
             тенька!»  диэн  ыҥырыахпыт!»  Ити  курдук  быһаарынан  Сэмэн
             Выхватенца сельсоветыгар киирэн загсаҕа суруйтарбыта.
                Ол киэһэ кэргэнигэр суруйбута: «Оҕобутун мин Витим диэн
             ааттаатым. Биһиги кинини улаатыар диэри «Витя» диэн ыҥы­
             рыахпыт. Тоҕо мин оҕобутун ити курдук ааттатан ЗАГС­аҕа су­
             руйтарбыппын кэллэххинэ кэпсиэм. Шу ра, Витя диэн куһаҕана
             суох  аат  буолбат  дуо?  Мин  оҕобутугар  ити  ааты  бэрдэрбип­
             пин, Шура, эн да сөбүлүүр инигин?
                Шура,  сэгэрим,  билигин  миигиттэн  ордук  дьоллоох  киһи,
             ама, ким баар үһү!.. Эн биһиги холбоспут дьолбут, тапталбыт
             түмүгэ — оҕобут!»
                Сэмэн, төһө да бу күннэргэ муҥура суох үөрүүлээҕин иһин,
             кэргэнин уонна оҕотун көрөр кыаҕа суоҕуттан мунчаарара.
                Фёдор  Степанович  Омельченко  госпитальга  өр  буолба-
             та,  муҥурдааҕын  быстаран,  үтүөрэн  кэллэ  уонна,  заставатын
             туппакка эрэ, икки ыйдаах уочараттаах сынньалаҥар барарга
             быһаарынна. Ол туһунан коменданы кытта кэпсэттэ.
                Эмиэ икки ый устата Сэмэн кэргэнин, оҕотун көрбөккө ман-
             на  олорууһук!  Ыксаата,  этэрээт  штабын  начальнигар  Михай-
             ловка ааттаан рапорт суруйда. Онно кэргэнэ оҕоломмутун, Ти-
             располь куоракка киирэн ыал муннугар кыбыллан олороллорун

              146
   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151