Page 144 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 144
— Сеня, мин киниэхэ эргэ тахсыам суоҕа.
— Шурочка, оччоҕо, эн биһикки хаһан…
— Аныгы тахсыыбар… Дастабырыанньабын илдьэ тахсыа-
ҕым!
* * *
Икки ыйтан ордук эмтэнэн баран, Сэмэн Владимиров үлэ-
лиир этэрээтигэр төнүннэ. Операцияламмыт атаҕынан кыра-
тык доҕолоҥнуур даҕаны, кинини көрбүт медицинскэй комис-
сия «үтүөрбүт, үлэлиир кыахтаах» диэн быһаарыы биэрбитэ.
Этэрээккэ кэлэн, Сэмэн штаб начальнигар Михайловка
киир дэ. Кинини көрөөт, Михайлов:
— А-а, табаарыс Владимиров!.. Атаҕыҥ хайдаҕый? — диэ-
битинэн көрүстэ. Сэмэн медицинскэй комиссия биэрбит бы-
һаа рыытын туттарда. Михайлов ону ааҕа олордоҕуна:
— Операциялаатылар, үтүөртүлэр, — диэтэ быһаччы.
— Да-а, — диэн Михайлов, комиссия быһаарыытын ааҕан
бүтээт, саҥа аллайда. — Бааһырбатаҕыҥ, операцияҕа өр буол-
батаҕыҥ буоллар, эйигин Иван Иванович Бабинцев оннугар
застава начальнигынан хаалларар санаалаах этибит… Билигин
онно саҥа начальник ананна. Киниэхэ көмөлөһөөччүнэн үлэлии
тахсаргар тиийэҕин.
— Табаарыс Михайлов, застава начальнигынан мин үлэ-
лиирим өссө эрдэ… Үөрэниэхпэр, үгүһү билиэхпэр наада.
— Ити курдук, табаарыс Владимиров, таҕыс, үлэлээ.
— Истэбин! — Сэмэн ойон турда уонна, тахсаары, аан диэки
эргилиннэ.
— Табаарыс Владимиров, тохтуу түс! — дии-дии, Михайлов
тимир сейфэҕэ барда. Сэмэн диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, аста
уонна кыракый кыһыл хоруопканы ылла. Сэмэҥҥэ кэллэ. —
Табаарыс Владимиров, умнан кэбиһэ сыстым. Ковальчугу ту-
таргар хорсун быһыыны көрдөрбүккэр, Советскай Союз По-
граничнай чаастарын управлениетын начальнига эйигин үрүҥ
көмүс чаһынан наҕараадалаабыта. Ону эйиэхэ бу туттарабын!
— Баһыыба, табаарыс начальник!
— Заставаҕар таҕыс, үчүгэйдик үлэлээ!
— Истэбин! — Сэмэн үөрэн-көтөн, этэрээт штабын началь-
нигын кабинетыттан таҕыста. Көрүдүөргэ, тахсаат, кыракый
кыһыл хоруопканы арыйан чаһыны ылла. Бу «Омега» диэн
хармаан чаһыта эбит. Хаппаҕар «Табаарыс Владимировка —
диверсаны тутарыгар хорсунун көрдөрбүтүн иһин» диэн быһыы
суруктаах.
144