Page 147 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 147
этэн, кинини урут үлэлээбит заставатыгар төннөрөллөрүгэр
көрдөстө.
Суругун ыыппыта аҕыйах хонук ааһыыта, этэрээт штабыт-
тан Сэмэн Владимировы Тирасполь куоракка ыҥыртардылар.
Владимировы тоҕо этэрээккэ ыҥыртарбыттарын комендант
да, Владимиров бэйэтэ да билбэттэр. Сэмэн этэрээт началь-
нигын кабинетыгар киирбитигэр:
— Табаарыс Владимиров, Выхватенцатааҕы застава на-
чальнигын солбуйа бараргар, кэргэниҥ оҕолоноору сылдьа-
рын тоҕо эппэтэххиний? Биһиги атын да киһини ыытан сол-
буйтарыа этибит, — диэтилэр.
— Быстах кэмҥэ солбуйа бараҕын диэн этиллибит этэ ээ.
— Ол «быстах кэм» иһигэр кэргэниҥ оҕоломмут… Кэргэниҥ
оҕолоноору сылдьарын билбэт этиҥ дуо?
Сэмэн тугу да саҥарбата. Ама, кэргэнэ ыараханын кини
хайдах билиэ суоҕай? Билэрэ.
Этэрээт начальнига, туран, кабинетын иһигэр төттөрү-таа-
ры хаамыталаата. Онтон Сэмэн Владимиров иннигэр кэлэн
тохтоото, утаа соҕус одууласпахтаата:
— Табаарыс Владимиров, эйигин Шахталаах заставатыгар
көмөлөһөөччүнэн аныырга быһаардыбыт. Шахталаах застава-
тын начальнига Рулев Москватааҕы үрдүкү пограничнай оскуо-
лаҕа кэтэхтэн үөрэнэр. Сааскы экзаменын туттарарын саҕана
кинини солбуйуоҥ.
Ити курдук, Сэмэн Владимиров кэргэнин уонна уолун Витя-
ны илдьэ, 1931 сыллааҕы муус устар ыйга, Шахталаахха көстө.
Шахталаах — Тирасполь куораттан чугас турар, биир эрэ
колхозтаах кыракый сэлиэнньэ.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Маайалаах Сүөдэр олохторо кэлин хайдах, туох буолбутуй?
Сэмэнчик олоҕор ол кэмтэн туох уларыйыы буолла? Айым
ньыттан сирдэтэн кэпсэтиһиҥ.
2. Сэмэнчик ийэтигэр, аҕатыгар хайдах сыһыаннааҕын бу кэр
чиктэн билиэххэ сөп дуо? Сэмэнчик ордук туохтан хомо
йоруй, ха раас тарый? Тоҕо?
3. Эґиги санаа±ытыгар, Маайалаах Сүөдэр ситэ олорботох
олохторо Сэмэнчик дьылҕатыгар хайдах дьайыылааҕый?
Айымньыттан холобурдааІ.
4. Атын итэ±эллээх Шура Брунёва саха уолун Сэмэнчиги ту
гунан кутун тутта? ЫрытыґыІ.
147