Page 152 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 152
Бу сиргэ киһи олоҕо
Ситиирдик түргэн дэниллэр.
Сөҕөн, бэркиһээн кэбистим
Саха бэргэнник эппитин!
Кырдьык, биир олох кэрэгэй,
Кымньыы күлүгүн кэриэтэ.
Билиҥҥи дьолго, эйэҕэ
Уон олох кылгас диэм этэ.
Бэркэ биһирии саныыбын
Бар дьон олоҕу таптыырын!
1956 с.
Тылбытын байытабыт
Ыарҕа — үрүйэ, үрэх сир тыатын саҕатыгар олус хойуутук үүнэр
иинэҕэс талах, сэппэрээк.
Хахыйах — үүнэн ситэ илик кыра хатыҥ.
Күөнэх — мундуга майгынныыр, оннооҕор кыра уонна сырдык
дьүһүннээх күөл балыга.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Күһүн» хоһоону кэрчиктэринэн сиһилии ырытыҥ. Бэйиэт
айылҕа түөрт кэрэ көстүүтүттэн күһүнү ордук таптыырын
ханнык тылларынан тиэрдэрий? Тиэкистэн холобурдааҥ.
2. «Оо, бу күһүн барахсаны
Хоһооммор холбоон да биэртим.
Сүүс гыммыт биирин даҕаны
Быһыыта, сатаан эппэтим» — диэн бэйиэт хоһоонун саҕа
лыыр тыллара ааҕааччыга туох санааны үөскэтэрий? Кини
кэмсинэр дуу, эбэтэр бу ураты алыптаах айылҕа көстүүтүн
ситэрэн эппит киһи баарыгар саарбахтыыр дуу?..
3. «Дьахтар сайына» диэн ааттаах кэм туһунан тугу билэҕи
тий? Быһа холоон хаһан буоларын кэпсэтиһиҥ. Бу быыһык
кэм сахаларга өссө тугунан биллэрий?
4. «Түннүгүм аһаҕас этэ...» диэн Баал Хабырыыс философскай
ис хоһоонноох тэттик айымньыта туохха үөрэтэрий? Өссө
ханнык бэйиэттэр поэзияларыгар түннүк уобараһа баарый?
5. Аһаҕас түннүк уобараһынан туох сүрүн санаа этиллэрий?
6. Олоҕу таптыыр, олоҕу сыаналыыр, үүнэр үтүө сарсыарда
152