Page 155 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 155

Халдьаайы саҕанан,
                              Хатыҥы быыһынан
                              Кылбаҥныы хамсаата
                              Кыыс маҥан былаата.
                                                        1948 с.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Хоһооннору болҕойон ааҕыҥ, уус­уран уратыларын (тыл­өс,
               тутул, форма өттүнэн) ырытыҥ.
            2.  «Таарый, таарый хомускун!», «Сүрэҕим тэптэҕиэн» хоґоон
               лириичэскэй дьоруойдара кимнээ±ий?
            3.  «Сүрэҕим  тэптэҕиэн»  хоһооҥҥо  эдэр  уол  симик  тапталын
               ханнык тылларынан тиэрдэрий?
            4.  Сэрии кэннинээҕи көлүөнэ үлэ романтикатын өрө туппута,
               үлэттэн  дьоллоноро,  үлэнэн  олороро.  «Үлэ  киһини  киэр­
               гэтэр» диэн олоҕурбут өйү­санааны хоһооннортон холобур­
               дааҥ.




                Тыыннаах тыл
               Бэйиэт  оччотооҕу  кэм  романтиката  —  үлэ  уонна  таптал  биир
            ситимнээх  буолалларын  хоһуйбутун  хоһоон  тылларынан  дакаас-
            тааҥ.


                                                    АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

               Г. Г. Вешников­Баал  Хабырыыс  саха  литературатыгар  сэ­
            мэй  эрээри  толкуйдатар,  сэҥээрдэр  поэзия  кистэлэҥин  баһы
                                                                         ­
            лаа быт бэйиэт быһыытынан кэрэхсэммитэ, эһиги ол уус­уран
            таайтарыылаах кистэлэҥин быһаарсыҥ.


                                                        ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

               Кылааґы  таґынан  аа±ыы  дьарыктарын  ситимнээн,  бэйиэт
            айар µлэтин бу тиэмэлэргэ тирэ±ирэн ырытыІ:
            1. Баал Хабырыыс ырыа буолбут хоһоонноро.
            2. Баал Хабырыыс айымньыларыгар киһи уобараһа.
            3. «Көннөрү киһи кэпсээнэ» — бастакы хоһоонунан сэһэн.

                                                                      155
   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160