Page 158 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 158

СЕМЁН ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
                                      (1917—1978)


                                         С. П.   Данилов    1972   сыллаахха
                                      М. Горькай аатынан РСФСР Судаа рыс­
                                      тыбаннай  бириэмийэтин  лауреатын
                                      аатын ылар µрдµк чиэскэ тиксибитэ.
                                         Бэйиэт  аа±ааччыларыгар  40­с  сыл­
                                      лартан  киэ²ник  биллэн  барбыта.  Ли­
                                      тературоведтар  поэзия±а  философ­
                                      скай, гражданскай, публицистическай,
                                      драматическай, интимнэй, о. д.а. элбэх
                                      араас кірµ²нээх лиирикэ сайдар диэн
                                      быґаараллар.  Биґиги  Семён  Пет ро­
                                      вич пыт — на±ыл лиирикэ сµµрээнигэр
                                      холбоґор хоґооннордоох бэйиэт.
                                         Кини ырыатын, хоґоонун µіскээбит
             тірді  —  норуот  уус­уран  айымньыта.  Семён  Данилов  хоґуй­
             да±ына, ньургуґун эмиэ сибэкки эрэ буолбатах, бу хотугу ты­
             йыс сиргэ олоххо­дьолго тардыґар кµµс символа. Лириичэс­
             кэй  айымньыта  арыт  хас  да  суолталаах,  хас  да  иґиллиилээх
             буолар.  Бэйиэт  эйэ±э,  тапталга,  до±ордоґууга  бэрт  улахан
             суолтаны биэрэр.
                ¥лэ киґитин µрдэтии — С. Данилов поэзиятын биир сµрµн
             матыыба.  Ол  иґин  бэйиэт  айымньытыгар  µлэ  тиэмэтэ,  µлэ
             киґитин килбиэнин хоґуйуу кырата суох миэстэни ылар. Киґи
             дьыл±атын  уонна  норуот  кэскилин  ірі  тутар,  аныгы  олох,
             аныгы  киґи  туґунан  бэлиэ,  киэ²­дири²  тµмµктээґини  о²о­
             рор.  Семён  Даниловка  патриотизм  уонна  интернационализм
             чувстволара  бииргэ  силбэспиттэр.  Киниэхэ  төрөөбүт  төрүт
             култуураҕа күүскэ ылларыы эгоистическай буолбатах буолан,
             атын  култууралары  ытыктыырыгар  кыратык  да  мэһэйдээбэт,
             хата,  ордук  көмөлөһөр.  Бэйиэт  атын  омуктар  култуураларын
             улуу нуучча тылын көмөтүнэн кичэллээхтик үөрэтэн, бэйэтин
             муҥура суох байытынар.
                                                            Николай Копырин
                Аҥаардас  туспа  эрэ  тыллаах  буолан,  ханнык  баҕарар  но-
             руот  өлбөт  үйэлээх.  Ону  өйдөө  эрэ,  доҕор!  (Бессмертие  на-
             рода — в его языке!!!)
                Эйиэхэ ийэ тылын биэрбит норуотуҥ, бар дьонуҥ иннигэр
             эн хаһан да булгутуллубат улуу гражданскай иэстээххин. Ону
             эн хаһан да умнуо суохтааххын.

              158
   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163