Page 162 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 162

Иннин диэки дьүккүһэр,
                               Иҥнибэккэ баран иһэр.

                               Эрэлин эрэ ситтэҕинэ,
                               Бастыҥ тапталын таптыахтаах,
                               Онно эрэ тиийдэҕинэ,
                               Бастыҥ ырыатын ыллыахтаах.
                               Ол иһин кини кэхтибэт,
                               Кэнчиэтээбэт, эстибэт,
                               Иннин диэкки дьүккүһэр,
                               Иҥнибэккэ баран иһэр.
                               Киһи барахсан эрэлин,
                               Кини кэрэмэн кэскилин
                               Итэҕэйэрим бэрт буолан,
                               Эрэнэрим бэрт буолан —
                               Кэхтибэккэ, хоһууннук,
                               Күүспэр сылдьар уол курдук,
                               Инним диэкки дьулуһабын,
                               Иҥнибэккэ иһэбин.



                    Тылбытын байытабыт

                   Соболоҥ — харда, бэлэх, бэрик.
                   Халбарыта — тэйитэ, сыҕарыта, тэйиччи анньа.
                   Куормаһыта суох — эрдиитэ суох, салалтата суох.


                    Тыыннаах тыл

                   Өксөкүлээх  Өлөксөй  олоҕун  кэрчиктэрин  бу  устуруокалартан
                булан быһаарыҥ.
                               Ханна эрэ тиийэн
                               Халлааҥҥа хаайтарар,
                               Ханна эрэ —
                               Адьырҕалыын хапсыһар…
                               Ол устатын тухары
                               Сырдыгы тарҕатар,
                               Бар дьонуттан
                               Муудараһы хомуһар.




              162
   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166   167