Page 160 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 160
Ханна эрэ кыстык хаарга баттатар.
Ханна эрэ тиийэн
халлааҥҥа хаайтарар,
Ханна эрэ
адьырҕалыын хапсыһар…
Ол устатын тухары
сырдыгы тарҕатар,
Бар дьонуттан
муудараһы хомуһар.
Уонна дьэ
Иһирэх ийэ тылынан
Көмүлүөгүн күүдэпчилэнэр сырдыгар
Илбис иҥэринэн,
талаан тардыһан,
Үрдүк өрөгөйдөөх
ырыаларын айар.
Уонна эмиэ барар
сүрэҕин суоһунан
Күүстээх тымныылары
көлбөрүтэ,
Биирдэ санаабыт
санаатын сырдыгынан
Дьол туһугар
хараҥаны халбарыта.
Миигиттэн
үйэ аҥаарынан
инникилээн,
Ол тортоҕор
туора бытыктар хамсыыллар.
Ол бытыктары
саха дьоно экчи биһирээн:
— Өксөкүлээх!!! — диэн
үөрэ хаһыытыыллар.
160