Page 159 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 159
Эн ийэ тылгын төһө күүһүҥ, кыаҕыҥ тиийэринэн байыт,
тупсар, харыстаа. Ити эйиэхэ сүктэриллэр гражданскай иэһиҥ.
Байыт хайа сатанарынан, ийэ тылгын бэйэтин сайыннаран,
атын үрдүк сайдыылаах тыллары сатабыллаахтык туһанан…
Байыт үйэҥ, олоҕуҥ сайдыытын таһымын кытта тэҥҥэ, саамай
үрдүк сайдыылаах улуу тыллар таһымнарыгар тиийиэр диэри.
Төрөөбүт норуотуҥ иннигэр бэйэҥ ытык иэскин итинник эрэ
өйдүүр буоллаххына, эн бэйэҕин ити норуот оҕотунан ааҕы-
ныах кэриҥнээххин.
Сэмэн Данилов
«Чахчылар уонна санаалар»
суруйааччы күннүгүттэн
Ааҕыы, ырытыы
ӨКСӨКҮЛЭЭХ ТУҺУНАН БАЛЛАДА
Мин бэркэ билэр
туора бытыктарым
Хамсаабат
барыҥыйга
хамсыыллар.
Билэр тылларбын
истибэтэх куолаһым
Нүһэрдик,
сөҥүдүйэ
саҥарар:
— Үөрэхтээх дьоннооҕор
соххор доҕолоҥ
Үс бүк үгүс дойдутун билэҕиэн?!
Суох буоллун баҕардар
суостаах соболоҥ,
Син биир
түүнү
сырдатан
иһиэҕиҥ!
Уонна аттаах, сатыы
адаардаах
Айан суолларын
кини арҕарар.
Ханна эрэ тиийэн,
хаары хараардар,
159