Page 163 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 163
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. «Үлэни өй үйэтитэр,
Сайдыы — санаа түмүгэ» — бу кэрчик ис хоһоонун быһаа
рыҥ, анаарыҥ.
2. Семён Данилов философскай айымньыларыгар олох туһу
нан үөрэҕэ, олох муудараһа диэн тиэмэлэргэ санаа атас
таһыҥ.
3. «Кірін хайгыыр, кірін сирэр, кірін сылдьар урдустар» —
бэйиэт бу тылларынан кимнээҕи, хайдах дьону, тоҕо хаары
йарын ырытыҥ, дьүүллэһиҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
Талан суругунан чинчийэр үлэтэ оҥоруҥ (эрэпэрээт, быра
йыак, сыанабыл (рецензия):
1. Семён Данилов хоһоонноругар символ уобараһы табан тут
туута.
2. Семён Данилов — ырыаһыт бэйиэт, хоһооннорун тыла муу
сука дэгэттээхтэр.
3. Семён Данилов айымньыларыгар хоһоонунан этии ураты
тын сатабыллаахтык туттуута.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
1. «Төрөөбүт алааскын эн таптаа» — музыкальнай бырайыак
(уусуран ааҕыы, ырыа).
2. Өйтөн суруйуу, толкуй сурук:
1. Семён Данилов айымньыларыгар олох муудараһа.
2. Семён Данилов — этигэн тыллаах уус бэйиэт.
3. Бэйиэт анабыл хоһооннорун уратылаһар өрүттэрэ.
163