Page 166 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 166
Эґигини кимнээх эрэ,
Хара дьайдаах биистэрэ,
Кµлµктэригэр имнэнэ,
Уокка анньан биэртэрэ.
Норуот чулуу уолаттарын,
Буруйа суох буруйдаан —
Сотору суох гыммыттар,
Норуоттан ыттыы былдьаан.
«Јстііх» ааттаан, норуокка
Улуу хобу тар±атан,
Саптыбыттар сааппакка
Аньыыларын барытын.
Онтон «Улуу сирдьиппит»
Ымыр да±аны гымматах,
Куойатыгар-маІкытыгар
О±устара барбатах.
Арай норуот ійдµµрэ,
Јйдіітір да сэрэнэн,
«Ким билэр…» — эрэ диирэ,
Иґигэр киІинэйэ.
Сµµрбэ сыл кµн ааккытын
СаІата суох ааттыыр этэ,
Таптыыр о±о аґыытын,
Кутур±анын кэриэтэ.
Оо, эн суоххун суохтуурбут,
Јрµµ суохтуур этибит:
Куормаґыта охтубут,
АІыы-аІыы эрдиллибит
Литературалаах буолбуппут.
IV
Отут сэттис балыыр сыла…
Онтон улуу сэрии уота…
Ол кэм ха±ыс, хахсаат тыала
Ґгµс уоту умуруорбута…
«Кімµµ сурук», хара сурах
Утуу-субуу кэлэр этэ…
166