Page 170 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 170
Итэ±эстэр, быґа±астар,
Иирээннэр, мунаарыылар.
Бааллар сэлбиэ тыллаахтар,
Эргиэмсиктэр, араастар…
Арыт наґаа басыґан,
Баґаа±ырсан турабыт,
Арыт чиэрэс дайбаґан
Туоратыґа сыґабыт.
Эн ытыктыыр убайдаргын
Јксікµлээ±и, Алампаны,
Кімі-кімі тириэрэн,
Хоруоптарыгар, арааґа,
Хастыыта да, бука, дьэ
Эргиттэхпит. Ол ааґан
СаІа нам-нум буоллубут,
Оруннарын буллардыбыт.
Ол эрээри саараабаппыт,
Олохтуун тэІІэ хаамабыт,
Тулхадыйбат, туораабат
Ильич тэргэн суолунан.
Эйигинниин бу наҕыл
Кэпсэтиибин түмүктээн,
Этиэхпин баҕарабын
Эйиэхэ маннык диэн:
«Былыр, бэл, сойуо кэмигэр
Бар дьон сүрэҕэр тыыннааҕыҥ.
Бүгүн ырыа дьиэрэйэр
Запевала бэрдэ буолан.
Били туойбут очуоскар
Харааппытын салайа,
Убаай, бүгүн Советскай
Уран тыллаах армия.
Биир бойобуой полкатын
Сайдыы диэки киммитиҥ,
Тыыннаахтартан тыыннаахтыы,
Бастаан-көстөөн иһэҕин.
170