Page 175 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 175

лэр-биллибэттик сүдьүҥнээн киирэн иһэн, кылаас иһэ эмискэ
         сулбу ойон турбутугар соһуйан тохтуу түстэ, онтон мүчүҥнүү-
         мүчүҥнүү, дорооболоһон тоҥхолдьуйда.
            — Оҕолоор,  Лука  Максимовиһы  кытта  эһигини  билиһин-
         нэрэр наадата суох ини? Кини эһиги бары билэр киһигит буо-
         луохтаах.
            — Билэбит! Билэбит!
            — Биһиги  колхозпут  биир  саамай  кырдьаҕас,  ытыктабыл-
         лаах  үлэһитэ  Лука  Максимович  бүгүн  эһигини  кытта  көрсөн,
         кэпсэтэ кэллэ.
            Түгэх паарта диэкиттэн улахан ытыс лобурҕаччы охсуолаа-
         бытын  батыһан,  оҕолор  ытыстарын  тыаһа  умайыктана  түстэ.
         Кэтэххэ оҕолор быыстарыгар Нахов кыбыллан олорорун Ала-
         сов онно эрэ өйдөөн көрдө.
            Бахсытов  оҕонньор  ити  эҕэрдэлиир  ытыс  тыаһа  киниэхэ
         ананарын  өйдөөбөтөх  дуу,  биитэр  өйдөөтөр  да,  соччо  сөп-
         сөөбөтөх  дуу  курдук,  кылаас  иһин  эргиччи  көрүтэлии  олор-
         до. Кини сааһа алта уонуттан лаппа таҕыстар да, бэрт хоһуун
         көрүҥнээх,  хатыҥыр,  көнө  уҥуохтаах.  Салгын  сиэн  килэрий-
         бит, чарчыстыбыт уҥуох сирэйэ, энньэгэр сэҥийэтиттэн түс-
         пүт убаҕас күрэҥ бытыга эрэ кини сааһын туоһулууллар.
            — Ити  тоҕо  ытыскытын  таһынар  буолаҕыт?  —  оҕонньор
         эмискэ Аласов диэки өрө мылас гынан ыйытта.
            — Лука Максимович, эйигин эҕэрдэлээн!
            — Но!  —  Бахсытов  бэркэ  дьиктиргээбиттии  тутунна.  —  Ол
         миигин тоҕо эҕэрдэлиигит? Пиэньиэргэ киирдим дуу, биитэр
         сыбаайбалаан  эрэбин  дуу?  —  Иннигэр  олорор  уолу  сөмүйэ-
         тинэн  ыйда.  —  Дьэ,  бу  эн  эт  эрэ:  миигин  тугум  иһин  эҕэр-
         дэлиэххэ  сөбүй?  Билбэккин  дуо?  Оччоҕо  дьэ  тоҕо  ытыскын
         таһынаҕын? Хайа иччитигэр дылы дьону үтүктэн дуо?
            — Кырдьаҕас колхозтаах буоларыҥ иһин! — Юра Монасты-
         рёв чап гыннарда.
            — Ээ-э,  кырдьаҕаһым  иһин  эҕэрдэлиир  эбиккит  дии!  Ону
         баара, мин үчүгэй үлэһит диэн хайҕаммыкка холоммутум. Кыр-
         дьык  даҕаны,  мин  хайдах  үлэлиирбин  эһиги  хантан  билиэх-
         хитий?  Мин  үлэбин  улахаҥҥа  уурбат  да  инигит.  Үлэм  иһин
         буолбатах,  бытыгым  иһин,  бу  сатана  бытыгын  иһин,  —  оҕон-
         ньор  туура  тардан  ылыахтыы,  сэҥийэтин  бытыгын  бобо  хар-
         баан ылла, — эҕэрдэлэннэҕим… Үтүөм-өҥөм да кыра эбит… —
         Бахсытов  чахчы  хомойбут  дьүһүннэннэ.  —  Кырдьары  ханнык
         да  бэйэлээх  күөх  көппө,  ханнык  да  мас  акаары  сатыыр  ини.
         Киһини бытыгын иһин буолбакка, үлэтин иһин ытыктыах баа-

                                                                      175
   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180