Page 176 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 176
ра… Чэ сөп, буоллун. Ити эрээри кырдьар сааска тиийэр, олох
олорор даҕаны оҕо оонньуута буолбатах.
Бахсытов сиэбиттэн саппыйатын хостоон тэнитэн иһэн —
оскуолаҕа табах тардар сатамматын өйдөөтө быһыылаах —
төттөрү уктан кэбистэ.
— Лука Максимович, тарт ээ… — диэтэ Аласов аргыый.
— Toҕo? Оскуолаҕа тардар буойуулаах буолбат дуо? Кэ-
бис, сатаммат. Бэрээдэк аата бэрээдэк. Бэрээдэги ким да
кэһиэ суохтаах. Тойон даҕаны, торҕон даҕаны, — оҕонньор
саппыйатын иккиһин нэмийэн сиэбин түгэҕэр баттаата. — Дьэ,
доҕоттоор, туох кэпсээннээххит? Көрсүспүт дьон кэпсэтэр
баҕайылара дии. Ынах маҥыраһан, киһи кэпсэтэн кимин-ту-
гун билсиһэр куолута.
— Суох… Суох…
— Бай, доҕоттор, оччоҕо бу курдук утарыта көрсөн баран
олоробут дуу?..
Кылаас ол-бу өттүгэр оҕолор кистээн күлэн бычыгырасты-
лар. «Кырдьык, көрсүһүүбүт табыллымаары гынна дуу? Бас таан
Бахсытов туһунан кылгастык кэпсиэх хаалла быһыы лаах», —
дии санаата Аласов. Мааҕын кини «эн тускунан аҕыйах киирии
тылла этиим» диэбитин оҕонньор, «ол дьокутаакка хандьы-
даакка дылы эмиэ туохпут араатарай» диэн, сөбүлэммэтэҕэ.
— Чэ, кэпсээҥҥит суох буоллаҕына, айылааҕын, мин аҕы-
йах боппуруоһу ыйытыым. Син дуо? Сө-өп. Бу эһиги хаһыс
кылааска үөрэнэр дьон мустан олороҕут?
— Ахсыска!
— Онуска!
— Тохсуска!
— Сүрдээх үөрэхтээх дьон эбиккит. Мин былыр лиикпууҥҥа
биир эрэ сыл үөрэнэ сылдьыбыттааҕым. Оччотооҕуга бу эһи-
ги саҕа үөрэхтээх дьону дэҥҥэ харахтыыр этибит, үс-түөрт
кылаастаах киһини сүүнэ үөрэхтээх киһи курдук саныырбыт.
Дьэ, эһиги билиигит-көрүүгүт да, бука, баһаам ини? — оҕон-
ньор оҕолору кэриччи көрдө, онтон хараҕа утары истиэнэҕэ
ыйам мыт мэтириэттэргэ хатанна. — Ол уһун баттахтаах ханнык
киһиний?
Кылаас кини ыйбыт сирин диэки эргиллэ түстэ.
— Исаак Ньютон…
— Тугунан биллибит киһиний?
— Англия улуу физигэ, математига… Механика сүрүн со-
куоннарын арыйбыта… Сырдык свойстволарын үөрэппитэ…
176