Page 180 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 180

лара оҕолор дууһаларын таарыйда быһыылаах. Оҕолор, кытаа-
             тыҥ,  өһүргэниҥ,  сөбүлээҥ,  кыыһырыҥ,  үөрүҥ!  —  хайата  да
             буоллун! — эһиги ыраас харахтаргытын аахайбат, кэрэхсээбэт,
             ээл-дээл буолуу бороҥ тумарыга эрэ бүрүйбэтин!
                — Ол Петров диэн туох киһи этэй?.. — диэн, кыыс оҕо си-
             мик саҥата кэтэхтэн иһилиннэ.
                — Лука Максимович, кэпсээ! Кэпсээ! — кылаас иһэ, ону эрэ
             көһүтэн  олорбут  курдук,  күйгүөрэ  түстэ.  —  Петров  туох  киһи
             этэй?
                — Бөтүрүөп дуо? «Туох киһи этэй» ааттаах ээ… — Иннокен-
             тий Петров диэн ааты истибит эрэ да киһи элбэҕи өйдүөхтээ -
             ҕин  курдук,  оҕолор  ити  ааты  аан  бастааҥҥыттан  сөҕө-мах-
             тайа  истибэтэхтэриттэн  оҕонньор  өһүргэнэн  бордурҕаата.
             Онтон  остуолга  бүк  түһэн  олорбут  бэйэтэ  эмискэ  көнөн  кэл-
             лэ.  —  Киһиттэн  таһыччы  киһи  этэ!  Мохсоҕол  этэ!  Хотой  этэ!
             Кини  бу  эһиги  барыгыт  аҕаҕыт  кэриэтэ  киһи  буолуохтаах.  Бу
             эһиги билиҥҥи олоххутун кини түстээбитэ, биһиги холкуоспу-
             тун  аан  бастаан  кини  тэрийбитэ,  кини  сүһүөҕэр  туруорбута.
             Ол  —  үлэлии  сылдьан  өлбүтэ.  Быһата,  кини  эһиги  кэскилгит
             туһугар  олоҕун  толук  биэрбитэ.  Дьэ,  ол  киһини  билбэт  буо-
             ларгыт хайдах сатанарый?.. Дьиҥинэн, эһиги бука бары кини
             аатын  ааттаабытынан,  кини  кэриэһин  сүрэххэ  иҥэрбитинэн
             улаатыахтаах этигит. Ону ити баар! Урукку өттүгэр саҥа олоҕу,
             саҥа  былааһы  күн  бүгүн  баар  дьоннор  эрэ  айбыттарын-тэ-
             рийбиттэрин  курдук  тутталлара.  Бу  олох,  бу  былаас  туһугар
             сүүһүнэн,  тыһыынчанан  ньургун  дьон  хааннара  тохтубутун,
             тыыннара быстыбытын умналлара. Бэркэ муҥутаатаҕына, тыл
             дэгэтигэр эрэ ахтан ааһаллара. Эһиги ол өйгө-санааҕа иитил-
             либит  дьон  буоллаххыт.  Дьиҥэ,  ити  эһиги  буруйгут  буолаах-
             тыа  дуо,  иэдээҥҥит  буоллаҕа…  Хата,  кэнники  сылларга  эрэ
             «умнугаммыт»  арыый  уурайан,  кимтэн  кииннээхпитин,  хантан
             хааннаахпытын  дьэ  өйдөөн  эрэбит…  Мин  кэпсээбитим  диэх-
             тээн… Бэйэм да сатаан ыпсаран кэпсээбэт муҥнаахпын.
                — Буоллун! Кэпсээ! Көрдөһөбүт!
                Бахсытов  оҕолор  көрдөһөн  күйгүөрэ  түспүттэриттэн  эҕэ-
             дьэҕэ буолан, сэҥийэтин бытыгын имэриммэхтии-имэриммэх-
             тии, паарталары кэриччи көрүтэлээтэ уонна «кэпсэттэриэхтэ-
             рин чахчы баҕараллар быһыылаах» диэн көнньүөрэ санаата.
                — Лэгэнтэй  Бөтүрүөп  —  биһиги  холкуоспут  маҥнайгы  бэ-
             рэссэдээтэлэ,  —  сулбуччу  кэпсиэх  айылаахтык  добдугураччы
             саҥаран иһэн, оҕонньор ах баран хаалла, сэҥийэтин өрө ан-
             ньан, тоҕо эрэ, кылаас өһүөлэрин ааҕа көрүтэлээтэ, онтон, бу-

              180
   175   176   177   178   179   180   181   182   183   184   185