Page 184 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 184

лаан эрдэҕинэ, мин: «Илиигин уун!» — диэн хаһыытаабытынан,
             бэрдээҥкэбин  сомуогун  туруоран  туһаайбытынан  уйабыттан
             ойон  таҕыстым.  Урдааҕы,  соһуччута  бэрдиттэн,  уолуйуо  дии
             санаабытым.  Ону  баара,  түөкүнүҥ  уолуйар  бэйэлээх  буол-
             су дуо — эргиллэн, илиитин даллас гынан өрө уунуох курдук
             буо лан иһэн, били умайан күлүбүрүү сылдьар туоһун мин сы-
             райбар элиппэт дуо! Мин уоттан хаххаланан сарас гынааппын
             кытта, Урдаах бэрдээҥкэм үрдүгэр түһэр. Кини дьоҕойон биир
             саһаан  үрдүктээх,  бөҕөһүнэн  аатырар  күтүр  этэ.  Мин  даҕа-
             ны бэйэбин кыанар, тэтиэнэх этим. Онуоха эбии кини сааһы-
             ран эрэрэ, мин күөгэйэр күммэр сылдьарым. Дьэ, биһиги ый
             быыһа  хараҥаҕа  сааны  былдьаһан  иэмэх  мас  курдук  эрийсэ
             сырыттыбыт  —  били  туоспут,  сииктээх  сиргэ  түһэн,  умуллан
             хаалла быһыылаах. Сааны былдьаатар эрэ ымыр да гыммакка
             ытан  кэбиһиэҕин  билэбин.  Быыс  булан  аны  быһаҕын  сулбу
             тардан  ылыа  диэн  эмиэ  куттанабын.  Мэнээк  өр  эристибит.
             Хайабыт  да  тугу  да  саҥарбат,  ынчыктаһабыт  эрэ…  Ол  сы-
             рыттахпытына,  эмискэ  саа  тыаһа  хабыллан  эрэрэ  баара  да,
             бу уҥа сотом ньир гына түстэ, хараҕым ирим-дьирим буолан
             ылла.  Ол  эрээри  саабын  син  ыһыктыбатым.  Санаам  эрэ  Ур-
             дааҕым  табыллыбыппын  билбэтэр  ханнык  диэн.  Кэннибинэн
             чинэри йэн, кы лааттаах бурдукка көхсүбүн анньан тура сатаа-
             тым  да,  атаҕым  кыайан  дугуннарбат  буолан  истэ,  этэрбэһим
             иһигэр хаан туол ла. «Дьэ, билигин сааны былдьаттарбын бии -
             тэр сууллан түстэрбин эрэ — бүтэбин…» — дии санаан, туох-
             баар  күүспүн  мунньунан  муҥ  кыраайбынан  сордостум.  Хаа-
             ным дэлби баран буолуо — биллэ мөлтөөтүм. «Оо, сор эбит!..
             Өллөҕүм..» диэн, санаабар бар-дьоммун, дойдубун кытта бы-
             растыылаһыах курдук гынан эрдэхпинэ, «Бэриниҥ!» диэн, Лэ-
             гэнтэй  барахсан  хабыр  хаһыыта  дуорайбат  дуо,  доҕоттоор!
             Үйэ лээх сааһым тухары ол хаһыы курдук минньигэс, кэрэ са-
             ҥаны истэ иликпин. Лэгэнтэй түүҥҥү харабыллары бэрэбиэр-
             кэлии сылдьан, саа тыаһын истэн, атынан ойутан кэлээхтээбит
             эбит. Урдаах түөкүн күһүҥҥү ый быыһа хараҥаҕа туттарыыһык
             дуо  —  кылаат  кэннигэр  сөрүөстээт,  хараҥаҕа  ньимис  гынан
             хаалбыта. Лэгэнтэй быһа холуйан иккитэ ытан субулуннарбы-
             та  да,  хантан  табыыһык…  Сотору  ойуур  суолунан  ат  туйаҕын
             тыаһа хабылла турбута. Атын ойуурга хаалларан баран киир-
             бит  этэ…  Мин  сонно  өйбүн  сүтэрэн  кэбиспитим:  Лэгэнтэй
             мии гин алааска хайдах киллэрбитин билбэтэҕим…
                Лука оҕонньор эдэр сааһын умнуллубат күннэрин, убай тут-
             тубут үтүө доҕорун ахтан, харахтара уоттанан, туттара-хаптара

              184
   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189