Page 187 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 187

биһикки сүөһүлэрбитин кулаан, үксүлэрин син эрэйэ суох туо-
         раттыбыт. Сорохторо буоллаҕына ууттан куттаналлара дии бин
         диэн!  Ол  сүөһүлэри  туоратарга  муҥ  бөҕөнү  көрдүбүт,  тым-
         ныы ууга быһа булкуллан таҕыстыбыт: биирбит сиэтэр, биир-
         бит үүрэр. Ити курдук муҥнанан ынахтарбытын барытын син
         туораттыбыт.  Кыратык  хойутаабыппыт  буоллар,  былдьаныах
         эбиппит:  сонно  көрөн  турдахпытына,  туораан  бүтээппитин
         аҕай  кытта,  уу  ордук  күүскэ  кэллэ,  били  уҥуоргу  хонуубут
         мэндээркэй  байҕал  буола  түстэ.  Лэгэнтэй  өрүһүйэ  кэлбэтэҕэ
         буоллар,  мин  сүөһүлэрбин  кытта  муус  анныгар  киирэн,  хоту
         байҕалга устуох этим…
            Сүөһүлэрбитин куттала суох сиргэ илдьэн баран, дьэ, кутаа
         отуннубут.  Итиннибит,  таҥаспытын  куурдуннубут,  аһаатыбыт.
         Эргэ  өтөх  баарыгар  тиийэн  хоннубут.  Лэгэнтэй  ол  түүн  ыал-
         дьан хаалла. Сэбиргэхтэтэн. Эмп-томп диэн кэлиэ дуо? Өтө -
         ҕүм бары үүтүн-хайаҕаһын бүөлээтим. Көмүлүөк оһох сэмнэҕэ
         баарын  быыстала  суох  оттобун.  Орону  оһох  аттыгар  аҕалан,
         киһибин  эргитэ  сылдьан  уокка  кэриибин.  Икки  ыанар  ынах-
         таахпын ыан киллэрэн, оргуйбутунан үүтү иһэрдэбин. Туох да
         туһа лаа бат. Нөҥүө күнүгэр киһим өйүн сүтэрэн, түҥ-таҥ тыл-
         лаһар буолла. Ол курдук үс түүннээх күн өйө суох сытта. Үһүс
         суукката  ааһыыта  халлаан  сырдыыта  эмиэ  түҥ-таҥ  тыллаһа
         сытан, эмискэ өйдөнөн өндөйө түстэ:
            — Луха-а! Луха! Утуйдум дуу, тугуй? Төһө өр буолла? Айыы-
         айа…
            — Үс  хонно…  —  диэн  мин,  өйдөннө  диэн  үөрэн,  кырдьы-
         гынан кэпсиир киһи буоллум.
            — Үс  хонно  даа?  Хайдах?!  Ол  аата…  Ойоҕоһум  букатын
         тыыннарбат…  Тыыным  хаайтарар…  Луха-а!  Айманыма…  Са-
         наарҕаама… Барыта этэҥҥэ ааһыа…
            Лэгэнтэйим чочумча хараҕын симэн сыта түһээт, эмиэ түҥ-
         таҥ тыллаһан барбыта. Киэһэтигэр эрэ үчүгэйдик өйдөммүтэ.
         Өйдөммүтэ  эрэ  —  кэҥээбэтэҕэ,  наар  өлөр-тиллэр  мөккүөрү-
         гэр  сыппыта.  Араастаан  отоһулаан  эмтии  сатыырым.  Арды-
         гар айаҕалыы сатаан киһибин сэмэлиирим: тоҕо бу кэлэҥҥин
         өлөн эрэриҥ буолуой, букатын туоруоҥ суоҕа этэ, ол кэриэтин
         сүөһүнү кытта мин ууга барыам этэ. Бэйэм акаарыбар бэйэм
         өлүүм ээ диирим. Ону истэ сатаан баран, биирдэ Лэгэнтэйим
         бу курдук эппитэ:
            — Хаалары  тыллаһыма,  Лухачаан!  Доҕорум  иэдээҥҥэ  тү-
         бэспитин, холкуоһум сүөһүтэ ууга баран эрэрин көрөн туран,
         хайдах  туоруом  суох  этэй!  Арай  эн  оннугар  мин  эбит  буо-

                                                                      187
   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192