Page 186 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 186
ол киһи атыллаан тахсар уута этэ. Сүөһүлэрим онно кэлэн
иҥнэ биэрдилэр, төттөрү бугуйан бардылар. Биир өттүлэрит-
тэн үүрдэхпинэ, нөҥүө өттүн диэки хадьыйаллар, нөҥүө өттүт-
тэн үүрдэхпинэ, атын өттүн диэки бараллар. Дьэ, кыһыы-аба,
муҥ-сор бөҕө буолла. Ыксаан бардым. Ол сылдьан хараҕым
кырыытынан көрбүтүм, арай, боротуоха кылбаа маҥан уорҕа-
тыгар туох эрэ хараарыҥныыр. Маҥнай утаа, бэйэм да ыксаан
сылдьан, ону аахайбатаҕым, суор-тураах сылдьар ини диэх
курдук санаабытым. Эмиэ сүөһүлэрбин үүрсэ сатыы сылдьан,
уҥуоргу кытылтан буолбатах, бэттэхтэн хаһыыны иһиттим. Дьэ
онно эрэ өйдөөн көрдүм: били хара көтөр буолбатах, киһи
эбит — халҕаһалыы анньан устар муустар устун ыстаҥалаан,
уҥуоргу кытылтан арыыга киһи туораан иһэр эбит. «Ханнык
иирбит дуу, өлөрүн көрдүү сатаабыт дуу иһэр буоллаҕай?» —
диэн, маҥнай испэр үөхсэ санаатым. Ити икки ардыгар уҥуор
холкуоһум дьоно киирэн туралларын өйдүү биэрдим. «Дьонум
мин ууга быстаран эрэрбин уҥуортан көрбүттэрэ буолуо дуо?
Көрбүттэрин да иһин, хайалара ити курдук харса-хабыра суох
быһыыланыан сөбүй?» Дьэ онно өйбөр күлүм гына түстэ: Лэ-
гэнтэй! Инньэ дии санаат, биэрэккэ утары сүүрэн таҕыстым,
тугунан көмөлөһүөм баарай, мэнээк төттөрү-таары сүүрэкэлии
сырыттым. Киһим хаста да адаар муустар быыстарыгар сүтү-
тэлээн ылла. «Дьэ, бүттэҕэ…» диэн хаста да хараҕым уута сарт
түһүтэлээбитин кэннэ, күөрэйтэлээн кэллэ. Мин дьэ онно били
кыдьымах устун туораан эрэр киһини кытта тэҥҥэ тимирсэ,
тэҥҥэ өлө турдум ээ. Лэгэнтэй бэтэрээ кытыыга чугаһыырын
саҕана, муҥар, ырбыыланан биэрдэ. Киһим ону харбаан туо-
раата да, миэхэ бардьыгынаабытынан ууттан тахсан тиийэн
кэллэ:
— Тугу көрөн тураҕын? Сүөһүлэргин ууга былдьатан эрэҕин
буолбат дуо?
Мин киһим саҥатын соччо кымаардаабатым. Лэгэнтэй дьү-
дьэх, ыарытыган этэ. Мин кинини итиннэрээри, таҥаһын куур-
даары кутаа оттор толкуйдаах киһи буоллум. Лэгэнтэйим, дьэ,
онуоха кыыһыран быыппастан турбат дуо! Mac хомуйан эрэр-
бин, ойон кэлэн, былдьаталаан ылан киэр элитэлээн кэбистэ.
— Сүөһүлэри быыһаталыы оҕус! Аны кутаа оттон сыламныы
олороору гыммыт дии?! Дьэ, биир эмэ сүөһү өлүө да, эйигин
кылаас өстөөҕүн быһыытынан сууттуохпут!
Онно өй ылан, били хотоол диэки хайыспытым — уу быдан
кэҥээбит, дириҥээбит. Ынахтарым туох да кыһалҕата суох,
арҕам-тарҕам баран, аһаан кэбиргэтэ сылдьаллар. Лэгэнтэй
186