Page 182 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 182
та, дьиэлээн көөһөҥнүү турда. Ыалларбыт оҕолоро, биһигини
араастаан кыһыта-кыһыта, оҕустарын арыаллаан бардылар.
Биһиги Кытарбаайыбыт сордоох моонньуттан, самыытыттан
хаан оҕуолуу, көбүөхтүү сытта. Мин, оччотооҕуга сэттэлээх-
аҕыстаах уолчаан, аһынаммын ытыы сыһа-сыһа, будьурхай
сүүһүттэн имэрийиэх курдук санаан, чугаһаан кэллим. Онуоха,
доҕоор, оҕуһум мин диэки өһөхтөөҕүнэн көрбүтүнэн ойон туран
кэлбэт дуо! Мин, сарылыы түһэн баран, күрүө диэки тэбинним.
Оҕуһум эмиэ кэннибиттэн ойбут быһыылаах, санаабар, туйах
тыаһа тип-тигинэс. Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, оҕолор
бары үрүө-тараа сырсан эрэллэр, ким күрүө үрдүнэн түспүт
диэн, ким күрүө аннынан сыылбыт диэн. Мин муҥ кыраай-
бынан сүүрэ сатыыбын да, букатын сир хороппоппун быһыы-
лаах, онуоха эбии торбос тириитэ ыстааннааҕым сулбу түһэн
кыаһылыыр, икки илиибинэн онтубун өрө тардынан иһэбин.
Кыайтаран, бааһыран ииримтийбит оҕус икки таныытын итии
тыына көхсүбэр биллэргэ дылы буолла. «Өллүм… билигин муо-
һунан өрө иилэн ылан, мээчиктии оонньуура буолуо», — дии
санаатым. Дьэ ол кэмҥэ Лэгэнтэй, күрүө тоһоҕотун туппутунан
утары сүүрэн тахсан, оҕуһу сүүскэ саайбат дуо! Оҕус хорос
гына түспүт. Мин сонно күрүө аннынан ньылбыс гынан хаала-
бын. Лэгэнтэй дьэ ол курдук быыһаабыта. Ити — маҥнайгыта.
Иккиһэ маннык. Биһиги колхозпут 1929 сыллаахха тэрил-
либитэ. Мин оччотооҕуга өйдөөх санаабын толору туппут,
сиппит киһи эрээрибин, өссө да сүрдээх кэнэн, муҥутах
этим. Үөрэх диэн кэлиэ дуо. Саҥа былаас бары дьаһалын
сүрэхпинэн сөбүлээтэрбин да, нэһилиэгим бастаах-көстөөх
дьоно өтөрү-батары саҥардахтарына, ылы-чып баран, умса
көрөн кэбиһэрим. 1928/29 сыллардаахха диэри баайдарбыт,
син уруккуларын курдук, тиҥинээн-таҥынаан олорбуттара ээ.
Сир үтүөтэ барыта кинилэргэ этэ. Мин сайын ахсын кинилэргэ
хамнаска үлэлиирим. Дьэ онтон Лэгэнтэй, куораттан баартыйа
куурсун дуу, тугу дуу бүтэрэн тахсан, кинилэр үрдүлэригэр
силлиэлээх холоругу түһэрбэт дуо, доҕоор! Бастаан сир үл-
лэһигэ буолан, сирдэрин ньылбы тутан ыллылар. Онтон аны
холкуос тэрилиннэ. Баайдарбыт аны куоластара быстан, үрэх
баһыгар үүрүлүннүлэр, дьиэлэрин-уоттарын, сүөһүлэрин хол-
куос ылла, үптэрин-астарын туордаан бар дьоҥҥо тарҕатты-
лар. Дьэ, уу чуумпу олорбут нэһилиэкпит иһэ ыҥырыа уйатын
тоҕо тарпыт курдук буола түспэт дуо, доҕоор! Били кэнэн,
муҥутах бэйэм, мин Лэгэнтэйгэ кутурук маһа буолан тэҥҥэ
тэлэкэчиспэппин дуо! Хомсомуолга киирдим. Холкуоспут тэри-
182