Page 178 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 178
оҕустарбаккыт тугун бэрдэй! Бу ким бэлэмигэр төрөөн-үөс-
кээн, кыһалҕата суох үөрэнэ сылдьарбыт буолуо, бу бүгүҥҥү
дьоллоох олохпутун кимнээх тэрийбиттэрэ-айбыттара буолуой
диэн эһиги, ама, биирдэ эмэтэ санаан аһарбаккыт дуо?
— Toҕo санаабат буолуохпутуй — саныыбыт…
— Саарбах. Саныыр буоллаххытына, ити дьоннору эһиги ха-
йаан да билэттиэх этигит. Эһиги бары бу холкуос оҕолороҕут.
Бу холкуос эһиги үөскээбит кырыскыт, бу холкуоһу тэрийбит,
барҕардыбыт дьоннор эһиги үөскээбит силистэргит кэриэтэ-
лэр эбээт. Төрөөбүт буорун, төрөөбүт силиһин аанньа ахтыбат,
ытыгылаабат оҕоттон үчүгэй киһи тахсыаҕа дии санаабаппын.
Мин, баҕар, сыыһарым буолуо. Ол эрээри дойдутун-сирин,
дьонун-сэргэтин күндүтүк санаабат, ытыгылаабат киһи үтүө
киһи аатырбытын бачча сааспар диэри истэ иликпин. Оннук
киһи үлэтэ-хамнаһа хайҕаммытын да истибэппин. Ол онну-
гар дьон сэмэтигэр-суҥхатыгар түбэспиттэрин, үүнүөх-үрдүөх
курдук буолан иһэн таҥнастыбыттарын үгүстүк истибитим, —
оҕонньор өндөс гынан уҥа түннүгүнэн таһырдьа ыйда. —
Көрөҕүт дуо ол маһы? Мутуга хатан хаалбыт маһы? Ити мас
тоҕо хаппыта буолуой? Эһиги тиҥилэххитинэн тибилийэҥҥит
буорун хастаан, силистэрин быһыта үктээн кэбистэххит. Хайа
да бэйэлээх мас силистэрэ куурдаллар-хатталлар эрэ, кэх-
тэр, өлөр. Киһи эмиэ ол кэриэтэ. Төрөөбүт дьонун-сэргэтин,
төрөөбүт норуотун олоҕун кытта сибээһэ быһыннар эрэ, ол
киһи үлэтэ-хамнаһа да үөтэлээбэт үгэстээх. Дьэ, ол иһин эһиги
төрөөбүт холкуоскут олоҕун, дьонун билбэккититтэн, кэрэхсээ-
бэккититтэн хомойдум… Олус хомойдум…
Лука оҕонньор, балачча саҥата суох олорбохтоот, чахчы
кэлэйбит быһыынан төбөтүн хамсата-хамсата, уоһун иһигэр
ботугураата:
— Кэлилиэйи билэллэр, Лэгэнтэй Бөтүрүөбү билбэттэр!..
Онтон сиэбиттэн бэрт модороон оҥоһуулаах бору-болтоҕор
хамсатын сулбу тардан таһааран, айаҕар батары биэрдэ уонна
кураанаҕынан күүскэ соппойбохтоото.
— Дьэ, дьоннор!.. Өтөр аны ийэҕитин-аҕаҕытын билбэт буо-
ларгыт буолуо…
— Ама доҕор!.. — кэтэхтэн ким эрэ өһүргэммиттии тыл кы-
бытта.
— «Ама доҕор!..» ааттаах ээ!.. Эмийдээн ииппит ийэлэрин
«умнааччылар» суохтар диэтэххит дуу? Өтөрдөөҕүтэ бу эмиэ
эһиги курдук «үөрэхтээх» оҕо киһи баара. Ол киһи, үөрэҕин
бүтэрэн, кэргэннэнэн, куоракка ыал буолбутугар ийэтэ тыат-
178