Page 173 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 173
Ааҕыы, ырытыы
СҮРЭХ ТЭБЭРИН ТУХАРЫ
(арамаан)
(Бу арамаан барыта 55 чаастаах. Олортон 19с, 41с чаас
тар быһа тардыылара бэриллэр).
19
Хас да хонон баран, переменаҕа оҕолор көрүдүөргэ биллэ-
рии дуоскатын аттыгар үөмэхтэстилэр. Онно «Бүгүн, алта уруок
кэнниттэн, кырдьаҕас колхозтаах Лука Максимович Бахсытов
биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрин кытта көрсүһэ кэлэр.
Көрсүһүүгэ үрдүкү кылаастар оҕолоро ыҥырыллаллар» диэн
биллэрии ыйаммыт этэ. Оскуолаҕа биллиилээх дьоннору кыт -
та көрсүһүүлэр ааспыт дьылларга буолуталыыллара. Былы-
рыын, холобур, Якутскайтан командировкаҕа тахса сылдьар
суруйааччыны, оройуон кииниттэн анаан кэлбит, ааспыт сэ-
риигэ аатырбыт снайперы кытта көрсүбүттэрэ. Ол — дьоҥҥо-
сэр гэҕэ киэҥник биллэр дьон этилэр. Оттон бу…
— Оҕолор, кимий бу?..
— Маныыһыт Лука быһыылаах дии.
— Бахсы оҕонньор дуу? Ферма маныыһыта дуо?
— Кини, кини!
— Онтукабыт эмиэ «көрсүһэр» эбит дуу?
— Пахай, мин кинини кытта уһун күн уонна көрсөбүн дии!
— Ол Бахсы оҕонньор, көрсүһэн да, тугу кэпсиэх бэйэккэ-
тэй?
— Кэпсээминэ, доҕор! Тигээрдээбит ынаҕы хайдах күөйэри
ыатардаҕына даҕаны, ол да кэпсээн буолбакка, тугуй?
Аласов, учительскай ааныгар ыстаарсай баһаатай кыыһы
кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, биллэрии дуоскатын таһынааҕы күй-
гүөнү кулгааҕын уһугунан иһиллии турда. Мааҕын Бахсытов
оҕонньору кытта көрсүһүүнү тэрийэрин туһунан эппитин Иван
Иванович эмиэ ити оҕолордооҕор итэҕэһэ суох соһуйа ис-
тибитэ. «Ким-ким кэлэр диигин? Маныыһыт Лука дуо? Һы!..»
диэн саҥа аллайан баран, үгэһинэн, илиитин нэлэс гыннаран
кэбиспитэ. Директор буоллаҕына Аласов диэки өрө көрөн, көх-
сүн этиппитэ эрэ, сөп да, сүөргү да диэбэтэҕэ уонна ханнык
эрэ сахсайбыт уһааты уу кутан дьиппинитэр туһунан завхоһу
кытта кэпсэтэн барбыта. Оттон бэҕэһээ «оҕолору кытта көр-
173