Page 172 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 172

СОФРОН ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
                                      (1922—1993)


                                         Аныгы  саха  литературатыгар  Соф­
                                      рон  Данилов  талааннаах  прозаик  бы­
                                      һыытынан  ураты  сыанабылы  ылбыта.
                                      Сахалыы  проза  инники  сайдыытыгар
                                      дьоһуннаах  хардыынан  кини  «Сүрэх
                                      тэбэрин  тухары»  арамаана  бэлиэтэм­
                                      митэ.  Софрон  Данилов  айар  үлэтэ
                                      Саха  сиригэр  эрэ  буолбакка,  Россия
                                      литературнай  кириитикэтин  саамай
                                      үрдүк  сыанабылын  ылбыта.  Кинини
                                      Россия  биллэр  суруйаач чытынан,  от­
                                      тон  бу  арамааны  саамай  ааҕыллар
                                      айымньынан  билиммиттэрэ.  Арамаан
                                      олоххо  киһи,  үөрэнэн  хаалан,  бэлиэ­
             тии көрбөт итэҕэстэрин арыйар. Ол аата өссө 1960­с сыллар­
             тан С. Данилов сэбиэскэй киһи олоҕун сатарытар, уопсасты­
             ба  сайдыытын  атахтыыр  киһи  киһиэхэ  сыһыанын,  көрүнньүк
             үлэ­хамнас  үтүө  быһыы  курдук  көстүүтүн  сытыытык  кирии­
             тикэлиир. Уопсастыба олоҕор «улугуруу» тыына хайдах, туох­
             тан  үөскээн­үөдүйэн  тахсыытын  мындырдык  көрдөрүүтүнэн
             бу  айымньы  уус­уран  тыл  күүһүн,  литература  суолтатын  бы­
             һаарар биир туспа уратылаах. Манна хас биирдии персонаһы
             ааҕааччы тус олоҕор сыһыаран өйдүүр, ылынар кыаҕын С. Да­
             нилов иэйиилээх ойуулааһыннара, сэһэргээһиннэрэ, дьоруой­
             дар  итэҕэтиилээх  мэтириэттэрэ  уонна  дьиҥ  олоххо  курдук
             уустук ситимнэһиилэрэ дакаастаабыта. Ол аата саха литера­
             туратыгар  социальнай­психологическай  проза  биир  бастыҥ
             айым ньытынан, маннык уус­уран суруйуу аан бастакы улахан
             ситиһиитинэн  С. Данилов  арамаана  буолбута.  Бу  арамаан
             С. Данилов  суруйааччы  быһыытынан  ураты  истиилигэр,  ис­
             тиҥник­иһирэхтик суруйар талааныгар тирэҕирэн үөскээбитэ.
             Ол  иһин  «олох  хараҥа  өрүттэрин  кырдьыктаахтык  көрдөрөр»
             айым ньынан,  саха  литературатын  бүттүүнүн  Россияҕа,  омук
             да дойдуларын таһымыгар билиһиннэрбит айымньынан лите­
             ратуровед  Д. Васильева  «Сүрэх  тэбэрин  тухары»  арамааны
             ааттыыр.
                                                    П. В. Максимова-Сивцева





              172
   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177