Page 177 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 177
— Сө-өп… Аатырыан аатырбыт киһи эбит. Оттон ол моон-
ньугар мойбордоох кимий?
— Галилео Галилей… Италия улуу учёнайа…
— Сө-өп… Оттон ол уһукка хайалара олороруй?
— Ом Георг... Немец физигэ… Электрическэй тогу үөрэп-
пит учёнай…
— Үчүгэ-эй! Аангылыйа, Ытаалыйа, Ньиэмэс дьоннорун
бэркэ билэр эбиккит. Үчүгэйдик үөрэнэр быһыылааххыт, —
Бахсытов хайҕаата. — Дьэ, билигин этиҥ эрэ: Лэгэнтэй Бөтү-
рүөп диэн кимий?
Кылаас иһэ чуумпура түстэ. Чочумча буолаат, имик-самык
саҥалар иһилиннилэр:
— Петров… Учёнай дуо?.. Сэрии дьоруойа дуу?..
— Ол ханнык Петровуй?.. Суруйааччы Евгений Петров баар.
Илья Ильфтиин бииргэ суруйбут киһи…
— Петров диэн артыыс баар. Аата ким эбитэ буолла?
— Ол — атыттар. Мин Лэгэнтэй Уйбаанабыс Бөтүрүөп диэн
киһи туһунан ыйытабын. Эһиги кинини хайаан да билиэх тус -
тааххыт, — оҕонньор ортоку кэккэҕэ олорор Брагин уолу ый-
да. — Дьэ, бу эн, Сааса, эт эрэ: Бөтүрүөп туһунан тугу билэҕи-
ний? Кини туһунан тугу истибиккиний?
Саша саҥата суох ачыкытын өрүтэ анньыммахтыы турда.
— Билбэккин дуу?
— Суох…
— Оттон эн? — оҕонньор өссө биир кыыһы туруорда.
— Биһиги кини туһунан үөрэппэтэхпит, — кыыс ботугураата.
— Һы! — оҕонньор, бэркиһээн, чыпчырынан кэбистэ. — Кэ-
лилиэйи билэллэр. Лэгэнтэй Бөтүрүөбү билбэттэр! Баҕар,
Сааба Уоһукабы билэргит буолаарай? Эмиэ билбэккит? Өкү-
лүүнэ Өндүрүөйэбэ туһунан истибиккит дуо? Суох? Ньукулай
Киргиэлэйэби? Үстүүн Өндүрүөйэби?..
— Устин Григорьевич… Андреев… Мин таайым, — уҥа диэ-
киттэн кыыс саҥата чаҥкынаата. — Иллэрээ сыл кэлэ сылдьы-
быта. Хотуттан. Райком секретара…
— Сө-өп. Дьэ, ол Үстүүн манна, холкуоһугар, тугу тэрий-
битэй?..
— Билбэппин…
— Ити баар! Эһиги бу ханна үөскээбит-төрөөбүт дьоҥҥутуй,
доҕоттор?! — оҕонньор чахчы сөхпүт, кэлэйбит көрүҥнэннэ.
Сөхпүтүн омунугар олоппоһуттан ойон турда. — Тугун сүрэй,
доҕор! Оннооҕор кыыл, сүөһү төрдүн-ууһун өйдүүр. Эһиги, бү-
түн орто үөрэх дьоно, ити туһунан өйгүтүгэр-санааҕытыгар
177