Page 179 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 179

тан күүлэйдии киирбитэ. Саҥа дьыл бырааһынньыгын саҕана.
         Ыалдьыттар  мустубуттар.  Били  үөрэхтээх  оҕобут  ыалдьытта-
         рыгар ийэтин «ийэм» диэн билиһиннэриэҕин кыбыстыбыт, «Ээ,
         тыаттан  киирэ  сылдьар  эмээхсин»,  —  диэн  эппит.  Оҕотугар
         сааскыга диэри олорор санаалаах киирбит ийэ эрэйдээх, хо-
         мойон,  хоргутан,  түүнү  быһа  ытаан-ытаан  баран,  сарсыарда
         дойдутугар  төннүбүт.  Эһиги  даҕаны  ол  киһиттэн  атыҥҥыт
         кыра быһыылаах. Бу дойдуга үөскээн-төрөөн баран, Лэгэнтэй
         Бөтүрүөбү  билбэт  диэн  тугун  сүрэй!..  Итинник  дьону  кытта
         кэпсэтэн да диэн!..
            Оҕонньор  хамсатын  чубуугун  хам  ытыран  олорон,  күрдьү-
         гүнэччи оборбохтоото, сибилигин туран, тахсан барыах киһи-
         лии, аан диэки көрүөлээтэ. «Аны, кырдьык, баран хаалаарай»
         диэн дьиксинэ саныы, Аласов оҕонньору, оҕолору олбу-солбу
         көрбөхтүү турда. Оҕонньор, төһө да тэһииргээбит курдук тутун-
         нар, барар санаата суох быһыылаах, оҕолорго иэдэс биэрэн,
         били  моонньугар  мойбордоох  Кэлилиэйи  одууласпыт.  Оттон
         оҕолор? Оҕолор, дьэ, наҕылларыгар түспүттэр. Бэл, уолаттар,
         мунньах дуу, бэсиэдэ дуу бүттэр эрэ кылаастан сулбу ыстанан
         тахсарга бэлэмнэнэн бэргэһэлэрин илиилэригэр тутан олорор
         үгэстээх тэһии уолаттар, ыксаабыт-тиэтэйбит быһыылара бил-
         либэт. Оҕолор барыларын харахтара оҕонньорго туһуламмыт.
         Ол харахтарга араас санаа охсуллубута көстөр. «Хата, бу муо-
         да «көрсүһүү» буолаарай? Дьэ, бэйэ, мантыбыт тугунан бүтэр
         эбит?» диэн дьиктиргээн кыламнастылар сорох харахтар. «Га-
         лилейы,  Ому  билиэххэ  наада  —  биһиэхэ  ол  кылаабынай.  Ха-
         һааҥҥыта эрэ уонча гектар сири ордук хорутан, сүүсчэкэ литр
         үүтү  ордук  ыан  былаанын  аһарбыт  Петрову  дуу,  Андрееваны
         дуу билбэтэх эмиэ улахан дьаалы эбит!» диэн өһүргэммиттии
         көрбүттэр сорохтор. «Оҕонньор кэпсэппэккэ эрэ тахсан баран
         хаалыа дуу, суох дуу?» диэн таайа сатыыр санаа баар атыттар-
         га. «Оҕонньор ити этэр дьонноро туох дьон эбиттэрэ буолла?
         Баҕар, кырдьык, ураты дьон буолуохтара. Бу биһиги колхозпу-
         тугар оннук дьон төрөөн-үөскээн сылдьыбыттара буо луо дуо?»
         диэн  интэриэһиргээн  тырымнаспыттар  сорохтор.  Ити  харах-
         тары  Аласов  үөрэ  көрдө.  Үнүрүүн  Кардашевскай  бэсиэдэ-
         тин  оҕолор  бэркэ  чуумпуран  истибиттэрэ.  Дьиҥэ,  ол  киһини
         соччо  үөрдүбэт  чуумпуруу  этэ  —  бэсиэдэни  кэрэхсээһинтэн
         буолбатах,  бэсиэдэлэһэр  киһини  —  колхоз  председателин  —
         ытыктааһынтан  төрүөттээҕэ.  Бу  билиҥҥи  чуумпуруу  —  атын
         чуумпуруу. Оҕонньор, омос истэргэ, ити соччо күттүөнэ суох,
         кэнэн, холур соҕус эрээри, ис сүрэхтэн эппит сэмэлиир тыл-

                                                                      179
   174   175   176   177   178   179   180   181   182   183   184