Page 183 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 183
линнэҕин дьыл, күһүн, от-бурдук үлэтэ бүппүтүн кэннэ, биир
киэһэ хомсомуоллары кистээн кэнсэлээрийэҕэ ыҥыртааты-
лар. Хомсомуоллар диэн оччотооҕуга нэһилиэк үрдүнэн ал-
тыа-сэттиэ эрэ этибит. Мустубуппутугар Лэгэнтэй: «Кулаактар
кылааттаах бурдуктары уоттаталаары гыналлар диэн тылла-
быр баар. Онон бу түүҥҥүттэн ыла кылааттаах бурдуктары
харабыллаатахпытына сатанар», — диэтэ. Миигин Түмээс
диэн уолу кытта Өлөҥнөөх алааска ыыттылар. Иккиэммитигэр
биир ботуруоннаах, дьэбин быһа сиэн кэбиспит бэрдээҥкэтин
биэр дилэр. Биир түүн хоннубут, иккис түүн хоннубут — туох
да биллибэт. Лаппа күһүн буолан, түүнэ тымныыта диибин
диэн: уолбунуун ала кулуну төрөтөлүү сыһан хонуталаатыбыт.
Соломону тобулу хаһан, уйа оҥостон сытабыт да — син биир
тымныы. Үһүс түүнүгэр уолум кэлбэтэ. Мин даҕаны улахан-
нык саараҥныы-саараҥныы олордум: «Сымыйанан, күлүү-элэк
оҥостон тыл ыыппыттарын итэҕэйэн, бу тоҥон сордонон эр-
дэхпин», — диэн санаталаатым. Түүн тымныйан истэҕин ахсын
куобах уорҕата суорҕаннаах ичигэс ороммун ахтарым күүһүрэн
барда. Ол да буоллар, сорудаҕы толорбокко дьиэлиир туһу-
нан санаа өйбөр букатын киирбэтэ. Оо, оччотооҕуга биһиэхэ
хомсомуолускай сорудах диэн саамай үрдүк, саамай кэһил-
либэт сокуон этэ. Хомсомуол бигэ тылын кэспит киһини биһи-
ги туох да аһыныыта суох бэйэбит кэккэбититтэн үүрэн иһэр-
бит. Арай түүн үөһэ ааһыыта уйабар олорон нухарыйан иһэн,
ытыс таһынар ыас хараҥаҕа туох эрэ сандаарыс гыммытыттан
уһукта биэрдим. Өҥөс гынан көрбүтүм — биир сүрдээх улахан
хара бэкир киһи, миэхэ көхсүнэн буолан, сыттык саҕа туоһу
уматан баран, кылааттаах бурдукка анньыалыы турар. Дьол
быатыгар, күнүһүн ардаан, сиигирэн, соломо кыайан умайан
быстыбат быһыылаах. Били киһи, мин тыаспын истэн, хайы-
һа биэрдэ. Онно көрбүтүм — кырасдааныскай сэрии саҕана
бандьыыттаан баран сурахтыын сүтэн хаалбыт Урдаах Уоһук,
үрүт уоһугар нэһилиэк сэбиэтин бэчээтин саҕа ура харааран,
турар эбит. Урдаах харса-хабыра суох майгытын туһунан араас
ынырык суоллары кэпсиир буолаллара. Эмискэ ону барытын
өйдүү түстүм, тоҥон дьагдьайан олорор бэйэм эппиттэн уу
чоккурас буолла быһыылаах. Ботуруоннаах бэрдээҥкэни биэр-
дэллэр да, уоттааччыны утары сааны-сэби туттуо суохтаах-
хыт, кылаанын да кыларыппакка тутан аҕалыахтааххыт диэн
биһигини сэрэппиттэрэ. Төһө да көрө түһээт уолуйдарбын, мин
Урдааҕы тутарга быһаарынным. Били тыаспын истэн эргиллэн
иһиллии түһэн баран, эмиэ уоттаах туоһунан соломону суура-
183