Page 185 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 185

эрчимирэн кэллэ. Сиэбиттэн кураанах хамсатын хостоон обо-
         рон соппойбохтоот, эмиэ төттөрү уктан кэбистэ. Ол быыһыгар
         отуттан тахса сыллааҕы бааһа субу ыалдьан дьаралыйан эрэ-
         ринии, ким да көрбөтүнэн илиитин остуол анныгар уган, уҥа
         сототун саппыкы бүтэй имэриммэхтээн ылла.
            — Аны үсүһэ… — Оҕонньор ситэри кэпсээбэккэ уурайаары
         гынна  дуу  диэн  дьиксиммиттии,  кэтэх  диэкиттэн  симик  саҥа
         иһилиннэ.
            — Үсүһэ  дуо?  Үсүһэ  бу  курдук  буолан  турардаах,  —  Лука
         оҕонньор  хап-сабар  көбдьүөрэ  түстэ.  —  Ити  Урдааҕы  куот-
         тарыахпыттан  үс  сыл  ааспыта  (ол  түөкүн  куотан  да  ыраап-
         патаҕа  —  кыһыныгар  тутуллубута).  Кураан  буолан,  манна  от
         кыайан үүммэккэ, өрүс арыытыгар киирэн оттообуппут. Сорох
         сүөһүбүтүн  онно  үүрэн  киллэрэн  кыстаппыппыт.  Мин  Хопто-
         лоох  диэн  арыыга  субан  сүөһүнү  аһатан  кыстаабытым.  Саас
         кэлбитэ,  өрүс  эстэрэ  чугаһаабыта.  Миигин  кытта  кыстаспыт
         дьон бары дойдулаабыттара, сүөһүлэри үүрсэн көһөрсөр дьон
         кэлэллэрин  көһүтэн,  мин  арыыга  соҕотох  хаалбытым.  Күн-
         дьыл  аастар  ааһан  истэ  да,  көһөрсөр  дьонум  кэлэн  бысты-
         батылар.  «Дьонум  хойутаары  гыннылар,  сарсын  сүөһүлэрбин
         бэйэм  кытылга  таһаартыы  туруом»  диэн  олордохпуна,  арай
         биир  киэһэ  өрүһүм  эстэн  тигинии  түстэ.  Хаар  бэрт  чараас
         дьыла  этэ,  онон  уу  кыра  буолар  ини  диэн  сылыктаан,  мин
         соччо ыксаабатым, олорор сирбиттэн, арыы хоту кутуругуттан,
         арыый үрдүк арҕаа өттүгэр да көспөтүм. Хайдах эрэ ол курдук,
         дьоммун көһүтэн дуу, хайаан дуу, олорбучча олорон хааллым.
            Хоптолоох арыы бэтэрээ кытылтан соччо ырааҕа суох, биир
         синньигэс  соҕус  боротуоханан  эрэ  быысаһар.  Били  аччыгый
         уу кэлиэ диэбитим, өрүспүт дьэ иирэн турбат дуо! Улахан мо-
         туок уута буолла. Орто ходуһа уута ылбат арыыларын үрдүлэ-
         ринэн охсуох чинчилэнэн барда. Сарсыарда халлаан сырдаа-
         бытыгар  көрбүтүм  —  кытылга  дьон  адаарыһаллар,  миэ хэ,
         далбаатыы-далбаатыы,  тугу  эрэ  хаһыытыыллар.  Мин,  дьонум
         хойутаан кэлэн, хаайтаран сырыттахтара диэн сэрэйдим. Кы-
         дьымах  бөҕө  киирэн  сүрүн  үөстэри,  боротуохалары  барытын
         ыга анньан турда. Мин сээкэйбин хомунан, сүгэһэрдэнэн ба-
         ран, арыы үрдүк өттүн былдьаһар санаанан, сүөһүлэрбин (алта
         уонтан тахса тиҥэһэ бургунас этэ) үүрэн истим. Эдэр, мэник
         сүөһүлэр  бэдиктэр  сүгүн  айанныахтара  баара  дуо,  хас  бэйэ-
         лэрэ хас аҥыы бараннар эрэй бөҕөбүн көрдөрдүлэр. Ол кур-
         дук  айаннаан  арыы  ортотугар  тиийбиппит,  кыра  хотоол  сир
         баарынан  уу  сүүрдэн  эрэр  эбит.  Бастаан  тиийэрбит  саҕана

                                                                      185
   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189   190