Page 189 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 189

олох  олорботум  диэ  дуо?  Оннук  киһи  өлөртөн  да  куттаныах
         туһа суох…
            Лука  оҕонньор,  билигин  бэйэтэ  эмиэ  кыайан  тыын  ылба-
         тахтыы,  айаҕын  атан  дириҥник  үөһэ  тыынан  кэбистэ  уонна,
         остуолу тобулу одуулаан олорон, уоһун иһигэр ботугураата:
            — Инньэ диэбитэ… «Иһит», «өйдөө» диэбитэ… Ити кини кэ-
         риэс тыла эбитэ буолуо…
            Кылаас  иһигэр  бүрүүкээбит  уу  чуумпуга  оҕонньор  ити  ар-
         гыый  сибигинэйэн  эппит  тыллара  ханнык  да  бэйэлээх  хатан
         хаһыытааҕар  ордук  дьэҥкэрэн,  ордук  сүрэххэ-быарга  тиийэн
         иһилиннилэр.
            Оҕонньор  салгыы  кэпсиирин  көһүтэн,  оҕолор  ылы-чып  ба-
         ран,  мэктиэтигэр,  хамсаабакка  даҕаны  олордулар.  Оҕонньор
         буоллаҕына,  кинилэр  кылааска  баалларын  даҕаны  умнан  кэ-
         биспит курдук, бэйэтин санаатын саныы, тоһутталанан-тоһут-
         таланан, уокка-кутааҕа кэриэрэн, төрүт киэбин, өҥүн-дьүһүнүн
         да  сүтэрэн  кэбиспит  тойон  эрбэҕин  тыҥыраҕынан  остуол
         сирэйигэр баар мутук оннун хасыһа олордо.
            — Петров… ыарыыта хайаабытай? — тулуйбатах, долгуйбут
         саҥа сэрэнэн-сэрэнэн аргыый ыйытта.
            — Муус дьуххарыыта дьоммут оҥочонон киирэн балыыһаҕа
         илдьибиттэрэ. Кэлин, үһүс сылыгар, сөтөл буолан өлбүтэ…
            — Лука Максимович, өссө кэпсээбэккин ээ… — чочумча буо-
         лаат, онтон-мантан көрдөһөр саҥалар иһилиннилэр. — Өссө…
            — Һы!.. «Кэпсээ»!.. Көрүдьүөс кэпсээнинэн саататар остуо-
         руйаһыт  оҕонньору  булбуттар  дии!..  «Өссө  кэпсээ!»  —  оҕон-
         ньор  үөхтэрэн  өһүргэммиттии  өс-саҕа  буола  түстэ.  —  Сэмэн
         Кыымап, Лэгэнтэй Бөтүрүөп курдук манна сэбиэскэй былааһы
         олохтоспут,  холкуоһу  төрүттэспит  дьоннор  олохторун,  үлэлэ-
         рин  эһиги  биэс  тарбаххыт  кэриэтэ  билиэхтээх  этигит.  Өссө
         эһиги  ити  кырдьаҕас  учууталгыт  Ипсиэболот  Ньукулаайабыс
         былыр манна хайдах үлэлээбитин-хамнаабытын эмиэ үчүгэй-
         дик  билбэккит  буолуо.  Итини  барытын  истибэккэ,  билбэккэ,
         эһиги  ханна  сылдьыбыккытый?  «Ханна  сылдьыбыккытый?»
         диэн ыйытабын ээ мин, — оҕонньор олоппоһуттан ойон туран,
         доҕолоҥо ордук күүскэ биллэрдик содьороҥноон түннүк диэки
         аҕыйахта хардыылаат, оҕолорго эргиллэ биэрдэ. — Ама, эһиги
         биирдэ  эмэтэ  санаан  көрбөт  бэйэҕит  дуо:  бу  манна,  биһиги
         төрүөбүт  нэһилиэкпитигэр,  сэбиэскэй  былааһы  ким  олохтоо-
         бута, холкуоһу ким тэрийбитэ буолуой диэн, биһиги бүгүҥҥү
         көҥүл, дэлэгэй олохпутун ким төрүттээбитэ буолуой диэн?! Бу
         билигин эһиги туох да кыһалҕата суох үөрэнэргит туһугар үгүс

                                                                      189
   184   185   186   187   188   189   190   191   192   193   194