Page 192 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 192
дыаласта. Сорох, туохха да тииһиммэккэ, көннөрү ыстаҥалаан,
дьиэрэҥкэйдээн ылла.
— Кэбис, Сэргэй, инньэ диэмэ. Хата, утуйар уута суох дьон
эбит диэ, — Лука оҕонньор оҕолору көмүскэстэ. — Бөлүүн
миигин, түөһэйбит оҕонньору, дойҕохтотторон, бэйэлэрэ ыл-
лаан-туойан, инньэ түүн үөһэ быдан ааспытын кэннэ утуйбут-
тара.
— Сорох-сорохтор «Сергей Петровиһа суох хайдах сатана-
быт?» диэн кыҥкыйдаспыттара ээ, — диэтэ Юра.
— Һэ, хата бэлэм ньээҥкэни булбуттар дии! — Аласов күл-
лэ. — Ньээҥкэҕэ наадыйар киһи дэриэбинэҕэ хаалар, тыаҕа
тахсыбат баҕайыта. Тайҕа эр сүрэхтээх, тулуурдаах, күүстээх
дьону таптыыр.
Оҕолор учууталлаах оҕонньордорун саамай бастыҥ миэстэ-
лэригэр, остуол туорайыгар, олордон, аһаан бардылар.
— Хайа, Сэргээй, кэпсээриий, оройуоҥҥа мунньаххыты-
гар биһиги оскуолабытын туох диэтилэр, — диэн ыйытта Лука
оҕонньор итии чэйи куруускатыттан сыпсырыйа-сыпсырыйа. —
Хайҕаатылар дуу, сирдилэр дуу?
Күүгүнэһэ олорбут оҕолор ньим бардылар.
— Хайҕааһын да, сирии да — хайата да баар, — Аласов
быһаарыыта суох эппиэттээн баран, кэпсэтиини атыҥҥа хал-
барытта. — Бэҕэһээ төһө бэркэ айаннаан кэллигит?
Халлаан лаппа сырдыыта аһаан-сиэн, хомунан бүтэн таһыр-
дьа таҕыстылар. Айдаарсан-айдаарсан, үс бөлөххө араҕысты-
лар. Салайааччыларынан Лука оҕонньор, Аласов, Ким Те-
рентьев буоллулар. Саамай «дьаарай» булчут уолаттар Ким
бөлөҕөр мунньуһуннулар: «Бостуой чэҥкээйи буолуоххут» диэн
кыргыттары төрүт чугаһаппатылар. Омуннара диэн сүр. Киэһэ
биирдэ кэлиэхпит диэн ыһык ылыннылар. Икки бөлөх бүгүн,
ырааппакка, күнүс дьиэҕэ кэлэн аһыырга быһаардылар. Аласо-
вы кытта Лира, арахсыспат дьүөгэлиилэр Ниналаах Вера, Юра
Монастырёв, Саша Брагин барсар буоллулар.
— Киэһэ ким элбэх бултаах кэлэр эбит — көрүллүө! — дэс-
тилэр Кимнээх. Кинилэр ахсыылара ахсыыларынан туһах,
чаар каан, хапкаан үлүгэри иилиммиттэр.
— Эһэтэ өлөрөн кэлээриҥ!
— Пахай, эһэ арҕаҕар түбэстэхтэринэ, куттанан бууттара
быстарынан куотар инилэр. Куттаннаххытына, биһигини ыҥы-
раарыҥ! — кыргыттар иэс төлөһөн хаадьыластылар.
— Оонньуута суох, арҕахха түбэстэххитинэ, аны муокастаһа
192