Page 193 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 193
сылдьаайаҕыт, — Аласов сэрэттэ. — Букатын бобобун. Кэнники
оҥостон тахсыахпыт. Иһиттигит дуо?
— Истэн, истэн.
— Чэйиҥ! Барыаҕыҥ!
— Ыччаттарым, айдааҥҥыт бэрт ээ, — Лука оҕонньор
сөбүлээбэтэхтии саҥа аллайда. — Дьоҕойон, биир көс эргин-
нээҕинэн тыынар тыыннаах мэлийдэ ини.
— Лука Максимович, ол былыргы хараҥа үйэ булда оннук
буолуохтаах, — Юра, күлэ-күлэ, оҕонньору уоскутта. — Аныгы
сайдыылаах кэм булда ырыаны-тойугу сөбүлүөх тустаах. Хо-
лобура, үчүгэй музыканы оонньоттоххо, хамсаабакка олорон
биэриэхтээх.
— Буолумуна! — Оҕонньор сонньуйда. — Бэрт киһи булду,
байаанынан оонньоон, абылаан туппакка, бу тоҕо сааланныҥ?
Тэлгэһэлэриттэн ыла үс бөлөх үс аҥыы бардылар. Аласов-
таах илин туораан, алаас уҥуоргутунааҕы үрдүк сыыр кэтэҕэр
түһэ сылдьарга былааннаннылар. Сергей Петрович бастаата.
Кини кэнниттэн Лира, Юра, Вера, Нина субурустулар. Саамай
кэнникинэн Саша Брагин истэ. Эр дьоннор саалаахтар, булт
тэрилин симиммит сүгэһэрдээхтэр. Кыргыттар — бэйэлэринэн
эрэ («Бэйэлэрин сүктэрбэтэхтэринэ баһыыба» диэбитэ Ваня
Чярин). Юра субу-субу Лираны ойоҕолуу түһэн хаамар. Кыыс
уол оҕолуу таҥныбыт да, кэннилэриттэн көрдөххө, эмдэй-сэм-
дэй кыргыттар курдуктар. Юра, эр киһи ааттаах да, хатыҥыра
сүрдээх, сэргэ истэҕинэ, кыыстааҕар өссө дьарамайга дылы.
Вера ыстааны бохсоччу кэппитэ, хата, Юратааҕар ордук уол га
маарынныыр. Дьиибэтэ диибин диэн, сүгүн иһиэ баара дуо:
хайыһарын сыыйылыннары тэбэн иһэн, эмискэ остуолба кэ-
риэ тэ хамсаабакка тура биэрэр. Саша онуоха кэлэн иҥнэн
охто сыһар уонна кырыарбыт ачыкытын соттор түбүгэр түһэр.
Аласов алаас саҕатыгар тахсан тохтоото. Сотору оҕолор ти-
ритэн-хорутан тиийэн кэллилэр. Бүтүннүү кырыа буолбуттар,
бэргэһэлэрин сэгэччи анньыммыттар.
— Хайа, ааттаах булчуттар, булкут ханнаный? — Лира, кы-
рыатын тэбэнэ-тэбэнэ, ыйытта.
— Булт — онно, — Юра тыаны ыйда.
— Хата, Саша ким-хайа иннинэ бултуйда, — Вера кистэ-
лэҥи кэпсиирдии, сибигинэйбитэ буолла. — Хаста да төҥкө-
йөн ылан эрэрэ.
Саша кыыһы тайаҕынан дугдуруйда.
— Оҕолоор, аргыыйыҥ, — диэтэ Аласов. — Булт аан баста-
193