Page 196 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 196
Оҕолор талахтар быыстарынан көтөр-сүүрэр атаҕа чигди-
лиэр диэри тэпсибитин көрө үмүөрүстүлэр.
— Куобах суола бу барда! — диэтэ Юра.
— Хаһааҥҥыный? — Аласов ыйытта.
— Бөлүүҥҥү буолбатах, — диэтэ Юра, тарбаҕынан бигээн
көрөн баран. — Өрдөөҥҥү.
— Бу туох суолай, Саша?
— Бу дуо? Тыҥырахтаах… Ыт… Саһыл киэнэ дуо?
— Саһыл! Куртуйах киэнэ дии. Дьэ, булчут! — Юра иһиирэн
кэбистэ.
— Хата, бэрди билэр эбиккин! — Саша өһүргэннэ. — Эн
курдук мин урут тыаҕа сылдьыбыт үһүбүн дуо? Аата эрэ тыаҕа
олоробун.
— Көрүҥ эрэ! Кэлиҥ эрэ! — тэйиччи талахтан Вера саҥата
умайыктанна. — Күтүр улахан атах суола. Эһэ суола быһыы-
лаах! Эһэ!
Оҕолор онно сырсан тиийдилэр.
— Ханна баарый? Бу дуо? — Саша, ачыкытын көннөрүнэ-
көннөрүнэ, төҥкөйдө. — Бу дуо? Пахай! Сылгы суола дии!
— Сылгы даа? Ханнык сылгы манна кэлбит! — Вера «эһэтин
суолун» көмүскэстэ.
— Ханныгын мин билэбин дуо?
— Хата, билбэппин диэ, ол ордук. Көрүҥ эрэ!
— Верочка, кытаат, иннигин биэримэ, мөккүс, — Юра кыыһы
саннын таптайбахтаата. — Эһэ туйахтаах буолар баҕайыта диэ!
Баҕар, эрэсиинэ холуоһалааҕа буолуо. Ону ити Саша хантан
билэр?
— Ээ, киэр буол! — кыыс уол сирэйигэр хаары ыста. —
Киһини күлбэт буол!
Мантан ыла үс аҥыы арахсан бардылар: Юра Лиралыын,
Саша Вералыын, Аласовтыын Нина ортоку истилэр. Алааһы
иилиир тыа кэтэҕинээҕи сыыр үрдүгэр, бары мастартан уһу-
луччу, чорбойон турар үс үрдүк бэс аттыгар, көрсөргө үлэс-
тилэр. Нина Аласов кэнниттэн иһэр. Тугу даҕаны саҥарбат.
Сергей Петрович тугу эмэни ыйыттаҕына эрэ, «ээх», «суох»
диэн өскүөрүтүн хардарар. Балачча ол курдук барбахтаабыт-
тарын кэннэ, хаҥас диэки киһи өлөр хаһыыта салгыҥҥа са-
тарыйда:
— Уо-ай-ай!
— Тугуй! Туох буоллугут? — Аласов хаһыытаата.
— Ээ, манна… Вера… — Саша күлэрин быыһыгар саҥар-
196