Page 201 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 201

йэн, үҥкүрүйэн-күөлэһийэн көрө салгыбыт хонуута киһи бука-
         тын  билбэт  гына  уларыйан,  олоҥхоҕо,  остуоруйаҕа  кэпсэнэр
         дьикти дойдуну санатан, ирбинньиктэнэ, чаҕылыҥныы сытара.
         Уол чаан  сөрү  сөҕөн,  бэри  бэркиһээн,  баран  иһэр  тиэтэллээх
         соругун  умнан,  хараҕар  көрбүтүн  итэҕэйбэккэ,  эргичиҥнии
         турбута.  Көр,  оннук  дьикти  эбит  этэ  сарсыарда  диэн!  Кини
         ити да иннинэ сарсыардааҥҥы силбиктээх хонууларынан сыл-
         дьыбыта чахчы. Ол да буоллар кини бу сөҕүмэр көстүүнү онно
         эрэ  аан  бастаан  бэлиэтии  көрбүтэ.  Ити  курдук  киһи  хараҕа
         эмискэ  аһылла  түһэр,  урут  аахайбатах  да  суолларгын  саҥа-
         лыы,  соһуйа,  үөрэ  көрөр  түгэннэриҥ  баар  буолаллар.  Бу  —
         күндү  чувство.  Бу  чувствоны  олоҕуҥ  тиһэх  күннэригэр  диэри
         сүтэрбэтэх киһи — дьоллоох киһи. Дьиҥэр, киһи кэрэни кэрэх-
         сиирин, үчүгэйтэн үөрэрин, куһаҕантан хомойорун тухары эрэ
         тыыннаах  ээ.  Аан  дойдуну  тумарыктыйбыт  хараҕынан  аҥаар-
         хайдык  анаарар  киһи,  сөҕөр  уонна  соһуйар,  үөрэр  уонна  хо-
         мойор, таптыыр уонна абааһы көрөр дьоҕурун сүтэрбит киһи,
         төһө да күн сырдыгын көрөрүн иһин, тыыннаах аатырыан са-
         таммат. Көрүҥ, оҕолор, көрүҥ!
            — Саша-а-а,  Саша,  —  Вера,  көмүс  дьэргэлгэнинэн  дьи-
         римниир  уҥуоргу  саҕахтан  хараҕын  араарбакка  туран,  боту-
         гуруур,  —  эн  миэхэ  кыыһырбат  инигин?  Кыыһырыма…  Мин…
         көннөрү…
            Саша  саҥата  суох  төбөтүн  хамсатар:  бу  үлүгэр  үчүгэйи
         көрө-көрө, ама, киһи киһиэхэ хом санаалаах буолсу дуо?
            — Нинкаа,  Нинкаа!..  —  Вера,  тохтуу  түһээт,  аны  дьүөгэтин
         ыҥырар. Кини бу дьикти кэрэни көрөр үөрүүтүн кими эмэ кыт-
         та үллэстиһиэн баҕарар.
            Нина  ону  истибэт.  Кини  санаата  букатын  ыраатан  турар.
         Кини хараҕа иннигэр тэлгэнэ сытар тайҕаны ааһа көтөн, адьа-
         һын атын дойдуга тиийэ охсубут быһыылаах.
            — Баһыыба… Баһыыба… — Юра сэргэ турар Лираҕа сиби-
         гинэйэр.
            Кыыс кини диэки ыйытардыы көрөн ылар.
            — Курупааскылар иһин.
            Лира  илиитэ  уол  илиитин  булар.  Ол  курдук,  илиилэрин
         араар бакка, сиэттиспитинэн тураллар.
            Күн  буоллаҕына,  көстө-көстүбүтүнэн,  өссө  үөһэ  күөрэйэр,
         өссө  сэтэрэн,  көмүс  сардаҥаларынан  кутааланар.  Ол  ахсын
         киэҥ  тайҕа  өссө  эбии  үөрэн-көтөн  мичилиҥниир,  өссө  эбии
         өрөгөйдүүр.
            Kөрүҥ, оҕолор, көрүҥ. Көрүҥ уонна үөрүҥ. Үөрүҥ бу алып-

                                                                      201
   196   197   198   199   200   201   202   203   204   205   206