Page 203 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 203

Эһиги  аттыгытыгар  Лука  курдук  кырдьаҕастар  бааллар  дуо?  Ки-
            нилэр олохторун туһунан төһө билэҕит?
            y  Аласов  кыһыҥҥы  тыаҕа  тахсыбыт  оҕолорго:  «Көрүҥ!  Үчүгэй­
            дик көрүҥ! Хараххытынан эрэ буолбатах, өйгүтүнэн, сүрэххитинэн
            кытта  көрүҥ!»  —  диир.  Болҕойон  ааҕыҥ:  оҕолортон  ким  тугу  ха-
            раҕынан, тугу сүрэҕинэн көрдө?
            y  «Сардаҥалаах  сарсыарда»  дьикти  көстүүтүн  ааптар  хайдах
            арыйарый?  «Xapaҕa  аһыллар»,  «кэрэни  кэрэхсиир»  киһи  уон на
            «аан  дойдуну  тумарыктыйбыт  хараҕынан  анаархайдык  анаарар»
            дьон тустарынан суруйааччы туох санааны этэрий?


                                                    АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

            1. Арамааҥҥа аҕа көлүөнэ уонна ыччат ситимин арыйыҥ.
            2.  Ылыммыт санаа, туруоруммут сорук уонна үрдүк анал си­
               тимнэрэ көстүүтүн туһунан кэпсэтиҥ.


                                                        ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

               Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаанын туһу­
            нан  ыстатыйалары  булан  ааҕыҥ.  Арамаан  проблематикатын
            уон на сүрүн дьо руой дарын туһунан туох сыанабыл этиллиби­
            тин быһаарсыҥ.


                                                ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ

            1. Билиҥҥи кэм олоҕун сиһилиир арамааҥҥа ааспыт кэми ааптар
         ханнык ньыманан көрдөрдө?
            2. Софрон  Даниловы  кириитиктэр  «ис  монолог  маастара»  диэн
         сыаналыыллар. Оннук сыанабыл дакаастабылын бу чаастартан булан
         быһаарыҥ.

                                              АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ


               Лэгэнтэй Петров туһунан кэпсэммит үс түбэлтэҕэ олоҕуран,
            бөлөҕүнэн  арахсан,  киинэ  эбэтэр  испэктээк  сценарийын  оҥо­
            рорго холонуҥ.









                                                                      203
   198   199   200   201   202   203   204   205   206   207   208