Page 202 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 202
таах айылҕалаах, барҕа баайдаах дойду хаһаайыннара буо-
лан төрөөбүт дьолгутуттан. Үөрүҥ кини сырдык бүгүҥҥүтүн,
сардаҥалаах сарсыҥҥытын айсыһар улуу аналгытыттан. Кини
инники кэскилэ — эһиги илиигитигэр, кини хойукку дьылҕа-
та — эһиги сүрэххитигэр. Туохтааҕар да күндүтүк санааҥ, туох-
тааҕар да күүскэ таптааҥ бу үөскээбит ийэ буоргутун, киниэхэ
өлбөт үйэлээх олоҕу сириэдиппит бар дьоҥҥутун. Ол таптал
сүрэххитигэр тыыннааҕын тухары эһиги модун күүстээх, сам-
ныбат санаалаах буолуоххут, ханнык баҕарар ыарахаттары
кыайыаххыт.
Көрүҥ оҕолор, көрүҥ. Көрүҥ уонна бу дьиктилээхэй көстүү-
нү үйэҕит-сааскыт тухары умнубаттык уйулҕаҕытыгар иҥэриҥ.
Бу сардаҥалаах сарсыарда, бу күлүмүрдэс күн, бу өрөгөйдүүр
киэҥ тайҕа туһунан өйдөбүл эһиэхэ олоххут уһун суолун тухары
арахсыспат аргыс буоллун…
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Арамаан сүрүн дьоруойа Сергей Петрович Аласов туһунан
бу быһа тардыылартан туох өйдөбүллээх хааллыгыт? Кини
оскуолаҕа маныыһыт Лука оҕонньордуун көрсүһүүнү тоҕо
тэрийдэ?
2. Лука кэпсээбит үс түбэлтэтэ Лэгэнтэй Петрову хайдах ха
рактеристикалыырый? Лэгэнтэй кэриэс тылларын өйдөөн
ааҕыҥ: «киһи үрдүк анала», «бар дьон дьолун туһугар
олох олоруу, охсуһуу» диэн кини тугу ааттыырый? Үүнэр
көлүөнэ туһунан туох үтүө өйдөбүллээх, эрэллээх эбитий?
3. Лука кэпсээнин оҕолор кэрэхсээтилэр дуу, суох дуу? Ол
туохтан көстөрүй? Лука кэпсээнэ оҕолорго туох санааны
үөскэппит буолуон сөбүй? Оттон эһиэхэ? Кини уйулҕатын
хамсааһына, санаата оонньуур иэйиитэ оҕолорго тиийбитэ
буолуо дуо?
4. Кыһыҥҥы тыаҕа бултуу тахсыбыт оҕолор айылҕаҕа сыл
дьыы, булт сиэрин туһунан тугу биллилэр? Айылҕа кэрэтин,
дьиктитин арыйыы уонна булт имэҥэ арамааҥҥа ханнык
түгэҥҥэ көстөллөрүй? Хайата кимиэхэ ордук суолталаах
буолан таҕыста?
Тыыннаах тыл
y Лука ханнык киһи олоҕун хаппыт маска тэҥниирий? Лука тахсан
барбытын кэннэ «дьиппиэрбит, курас, хаҕыс чуумпу» тугу этэр?
202