Page 206 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 206
түөрт хамначчыт ыал арахсан, өссө саҥа былааһынан кыһарый-
таран хамнас уурдаран, сүөһү-ас чаастатан ылан, туспа буруо
таһаарыммыттара. Билигин тэлгэһэтээҕи балаҕаҥҥа Хоохой-
доох диэн элбэх ньидьири оҕолоох ыал, оттон хара аҥаарга
былыргыта олус баартаах булчут кырдьыбыта, оҕото-уруута
суох Айаһыт оҕонньор эмээхсининиин итиэннэ Халытар диэн
дьоҥҥо-сэргэҕэ итэҕэппэт сымыйа-кырдьык иккэрдинэн сии-
кэрик тыллаах-өстөөх, дэбдэҥ, өйүнэн да соччо чуолкайа суох
гынан баран кыайыылаах туттуулаах, хотуулаах үлэһит киһи
олороллор. Олор аны хамначчыт диэн аатырбаттар. Дьукаах-
тар диэн буолаллар. Арай үрүҥ аҥаарга тойотторун кытта
бииргэ олорор, үйэтин тухары кэргэн, оҕо диэни билбэтэх,
саас ортолоох Суонда хамначчыт аатырыан сөп этэ. Иллэрээ
сыл өрөпкүөмнэр хамначчыттанаргын уурат диэн Аргыыла-
бы ыкпыттара. Онуоха оҕонньор Суонданы барар буоллаҕы-
на бардын, мин төрүт туппаппын диэбитэ, өссө ааһа түһэн,
хамначчыт аатыран миигин сырай-харах астара сылдьыбатын,
араҕыстын, инньэ диэн эһиги киниэхэ тылгытын ылыннарыҥ
диэн өрөпкүөмнэртэн бэйэлэриттэн көрдөспүтэ. Өрөпкүөмнэр
баай батталын, хамначчыт сордоох дьылҕатын, көҥүл үчүгэйин
туһунан араас элэ-была тылларын этэ сатаан кэбиспиттэрэ
да, Суондалара Аргыылап оҕонньордоохтон арахсарга төрүт
сөбүлэспэтэҕэ, наар төбөтүн илгистэ олорбута. Онон көҥүл
өттүнэн, ону ааһан хара күүһүнэн хаалбыт киһини хамначчыт
диир хайдах эрэ сатамдьыта суохха дылы. Ол эрээри, дьиҥэр,
ама, кини хамначчыт буолбатаҕына ким хамначчыт аатырыан
сөбүй?
Дьиэлээх тойон, таһырдьаттан киирэн, аан аттыгар сыгын-
ньахтанан, онон-манан соролообут тииҥ истээх сонун ыйаан,
эргэһиэр быыһык бэргэһэтин, кытарымтыйбыт саарба кутуруга
моойторугун, уостаах сарыы үтүлүгүн оһох иннигэр кирээдэҕэ
ууран баран, сөҕүрүйэн эрэр уокка аргынньахтаан багдаллы-
быт Суондаҕа дьаһайар быһыынан эттэ:
— Утуйаргар үөлэскин бүөлээр, ааҥҥын хатаар эрэ.
Анараа киһитэ, тойонум саҥарда диэн соччо оруһуйбакка,
көхсүн түгэҕэр иһиллэ-иһиллибэттик хордьугунаата:
— Ыык…
Дьиэлээх тойон хаппахчыга киирдэ. Кэргэнэ хайыы үйэ
орон түгэҕэр түһэн, истиэнэ диэки хайыспыт. Аргыылап урут
уту йар үчүгэйин, минньигэһин туһунан этэллэрин сонньуйа ис-
тэрэ. Сүрэҕэ суохтар дойҕохторо диирэ. Киһи төбөтүн уурдар
эрэ хайаан да туох да тутула суох утуйуохтааҕын курдук са-
206