Page 210 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 210
таата. Бу ыстатыйа хас биирдии тыла киниэхэ, чуо киниэхэ
туһаайыллыбыкка айылаах.
«Саамай сөп! Хас коммунист, комсомолец, хас чиэһинэй
киһи барыта билигин бу ааҥнаан иһэр алдьархайы суох оҥо-
рор туһунан эрэ саныахтаах. Онтон атын туох даҕаны суолтата
суох, — дии санаата Томмот. — Билигин ол-бу падежтары,
теоремалары үөрэтэ сатыы олорор кэм буолбатах. Илиигэ
бин тиэпкэни ылан, кыргыһа барыахха! Күн сарсын эмиэ об-
комолга тиийиэххэ наада. Үнүрүүн кини Ревком, Совнарком
декларациялара тахсыбытын кэнниттэн тиийбитин төттөрү
үүрбүттэрин иһин, сарсын, баҕар, ылыныахтара. Сарсын…»
— Томмот, эн турар эбиккин дуу? Техникумнаан иһэҕин ини?
Уол, ааҕарыгар аралдьыйан кэлииккэ аһыллыбытын өйдөөн
көрбөккө, кыыс саҥата субу аттыгар иһиллибитигэр соһуйан,
эргиллэ түстэ. Кыыча! Маҥан таба тыһа этэрбэһинэн чигдигэ
чэпчэки-чэпчэки бэйэлээхтик дугунан, кырса тыһа бэргэһэ-
тинэн тулаламмыт сып-сырдык маҥан сирэйин сыысчаана ту-
налыйан…
— Техникумҥа… — Томмот, хараҕын умса көрөн баран, бо-
тугураата.
— Чэ, түргэнник, аны хойутуохпут, — диэтэ кыыс уонна бу-
руйдаммыт быһыынан аргыый эбэн эттэ: — Хотунум иһит сууй-
таран хойутатан кэбистэ…
Уол сэргэстэһэ хаамсан иһэн тиэтэйэн дыбдыгырайар кыыс
имигэс, намчы таһаатын хараҕын кырыытынан көрөн ылла: «…
Саха норуотун өлөр-тиллэр дьылҕата быһаарыллар кэмэ кэл-
лэ...» Субу иннинэ аҕай кини уйулҕатын долгуппут ити дьэ-
бир тыллар өйүгэр чаҕылҕан кэриэтэ күлүм гыннылар. Оннук!
Өлөр биитэр тыыннаах буолар быһаарыллар күчүмэҕэй күн-
нэрэ. Маннык алдьархайдаах кэмҥэ кини, комсомолец, кыыс
кэлиик кэтин аанын кэтээн хороллон турар, кинини уоран одуу-
лаһа иһэр. Саат! Норуот бастыҥ уолаттара уодаһыннаах өстөөх
хааннаах илиититтэн тыыннара быста турдаҕына, маннык түк-
тэритик быһыыланар мэссээни комсомолтан муус ураҕаһынан
кыйдыахха сөп. Итинник санаан, кыбыстан, кэмсинэн, сирэйэ
чоххо баттаабыттыы кытаран, Томмот саҥата суох төҥкөччү
туттан истэ.
Марат болуоссатыгар хара таҥастаах кыһыл былаахтары
санньыччы туппут колонналар бииртэн биир кэлэн истилэр.
ЧОН этэрээтин байыастарын кырыылаах ыстыыктара аһаҕас
иин уҥа өттүгэр кырыара кэккэлээтэ. Хаҥас өттүгэр ГПУ ди-
визиона кырылаата. Олор ойоҕосторугар Артдивизион, Комен-
210