Page 213 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 213

сырдык тыыннарын толук биэрбит кыһыл хотойдор хоруопта-
         рын  иннигэр  туран,  мин  өрөспүүбүлүкэ  өрөпкүөмүн,  саха  но-
         руотун бүтүннүүтүн аатыттан үйэ-саас тухары умнуллубат улуу
         махталынан сүгүрүйэбин…
            Ойуунускай төбөтүн тоҥхотто. Бу түгэҥҥэ тула туpap дьон
         бүтүннүү кинини кытта бииргэ сүһүөхтээх бэйэлэрэ сүгүрүйэн,
         хоолдьуктаах бэйэлэрэ хоҥкуйан турдулар.
            — Бу  сытаахтыыллар  сахалаах  нуучча  уолаттара  барахсат-
         тар. Убай-быраат кэриэтэ сэргэстэһэн, — ревком бэрэссэдээ-
         тэлэ эмискэ көнө түстэ. — Кэбис, «кэриэтэ» диэн этэр сыыһа.
         Кинилэр  чахчы  бырааттыылар.  Төһө  да  биир  ийэттэн-аҕат-
         тан  төрөөбөтөхтөрүн,  тус-туспа  омук  ыччаттара  буолбутта-
         рын иһин, кинилэр, идея, өй-санаа, охсуһуу өттүнэн дьиҥнээх
         бырааттыылар.  Ол  ханнык  баҕарар  эт-хаан  бырааттыытааҕар
         ордук бигэ, ордук эрэллээх бырааттаһыы. Бу бары норуоттар
         баттаммыттара  өрөбөлүссүөннэй  кыргыһыы  уотугар  уһаарыл-
         лыбыт  бырааттаһыылара,  кинилэр  үгүс  ньургун  уолаттарын,
         кыргыттарын кыа хааннарынан ситиһиллибит доҕордоһуулара
         туохха  даҕаны  хотторуон  сатаммат!  Халыҥ  хаһалаахтар,  суон
         сааллаахтар, төһө даҕаны кыыллыйдаллар, өрөгөйдөөх Өктөөп
         өрөбөлүүссүйэтиттэн  көҥүлүн  туппут,  автономиятын  бэлэх-
         тэппит  саха  норуотун  хаһан  даҕаны  эргэ  батталлаах  олоххо
         төттөрү  эргилиннэриэхтэрэ  суоҕа!  Саха  сиригэр  сэбиэскэй
         бы лаас  үйэттэн  үйэ  тухары  үүнэ-күүһүрэ,  торолуйа-туругура
         туруо!.. Быралыйар бырастыы буоллун…
            Араатар тиһэх тылларын оркестр сыналҕана сапта…
            Ойуунускайы  үрдүк  уҥуохтаах,  модьу-таҕа  көрүҥнээх  ба-
         йыаннай — Саха сирин сэриилэрин командующайа — солбуй -
         да. «Байкалов… Байкалов… Карл Карлович…» диэн сибигинэ-
         һии  дьон  кэккэлэрин  саба  сүүрдэ.  Байкалов  өссө  1905  сыл-
         лааҕы  нуучча  бастакы  революциятыгар  кыттыбыт  кырдьаҕас
         коммунист  үһү.  Омугунан  —  латыш.  Урукку  араспаанньата
         Некундэ диэн эбит. Кини Сибиргэ Колчак армияларын утары
         кыргыһыыларга аатыран, ити билиҥҥи араспаанньатын ылым-
         мыт диэн кэпсииллэр…
            Байкалов байыаннай маҥан бараан сонун кириэстии түспүт
         саппыйаан курдар халыҥ таһаатын синньэтэн, нүксүгүр соҕус
         уҥуоҕун көннөрөн көрдөрөллөр. Кини бөдөҥ сурааһыннар даах,
         үрдүк муруннаах, кэтит сүүстээх, улахан төбөтө мрамор таас-
         тан кыһыллан оҥоһуллубукка дылы.
            Командующай Кыһыл Армия урут урусхаллаабыт үрүҥ гене-
         рала Пепеляев, эмиэ сэрии хомунан, омук империалистарыт-

                                                                      213
   208   209   210   211   212   213   214   215   216   217   218