Page 218 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 218

НИКОЛАЙ АЛЕКСЕЕВИЧ ГАБЫШЕВ
                                      (1922—1991)


                                         Габышев  Николай  Алексеевич  —
                                      кэпсээнньит, драматург, тылбаасчыт.
                                         1922  сыл  муус  устар  10  күнүгэр
                                      Үөһээ  Бүлүү  Хомустаах  нэһилиэгэр
                                      төрөөбүтэ. Бииргэ үөскээбит үөлээн­
                                      нээхтэрэ  Николай  кыра  эрдэҕиттэн
                                      билиигэ  тардыһар,  түүннэри  кинигэ
                                      ааҕар уолчаан этэ диэн ахталлар эбит.
                                      Дьокуускайдааҕы  учуутал  институтун
                                      бүтэрбит,  онтон  1941  сыллаахха  19
                                      саастааҕар  Аллайыахаҕа  учууталынан
                                      анаммыт.  А. М. Горькай  аатынан  Ли­
                                      тературнай  инстутут  үрдүкү  литера­
                                      турнай  куурустарыгар  үөрэммит.  Өр
             сылларга  учууталлаа быта  уонна  суруналыыстаабыта,  «Хотугу
             сулус» сурунаалга проза салаатын салайбыта.
                Үһүс  кылааска  сылдьан  айбыт  хоһоонноро  оскуола  эркин
             хаһыатыгар  тахсаллар  эбит.  1946  сыллаахтан  бэчээттэммит.
             1947  сыллаахха  «Хотугу  сулус»  альманахха  Индигиир  өрүскэ
             буолбут быһылаан туһунан «Хотугу сэһэн» диэн кэпсээнэ тах­
             сыбыта.  Бастакы  бөдөҥ  айымньытын,  «Ыраах  Амычааҥҥа»
             сэһэни, 1951 сыллаахха бэчээттэппитэ.
                Кылгас көрдөөх кэпсээннэр уонна сатира кинигэлэрин аап­
             тара. «Таптыыр оҕолорум» (1956 с.) уонна «Таптал» (1964 с.)
             кэпсээннэр хомуурунньуктарын, «Халыма сибэккилэрэ» сэһэни
             (1967  с.)  бэчээттэппитэ.  Ону  тэҥэ  «Билэр  дьонум»  (1958  с.)
             сэһэннэр  уонна  кэпсээннэр  хомуурунньуктарын,  «Икки  дьол»
             пьесаны  (1960  с.)  суруйбута.  В. Ажаев  «Далеко  от  Москвы»
             диэн  арамаанын  сахалыы  тылбаастаабыта,  М. Шатров  «Ше­
             стое июля», А. Корнейчук «Память сердца» уо.д.а. пьесаларын
             тылбаас таабыта.
                Саха  литературатын  оскуолатааҕы  бырагыраамаларын,
             учуо  бунньуктарын уонна хрестоматияларын оҥортообута.











              218
   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223