Page 222 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 222

— Эн институкка үөрэнэр улахан киһигин. Мин пушной тех-
             никум  иккис  курсугар  бу  бачча  ыраахтан,  Улахан  Сарайтан
             сылдьан  үөрэнэбин.  Өссө  икки  сыл  хаамп  да  хаамп.  Онтон
             ханна  эмэ  тыаҕа  ыытыахтара.  Куоракка  да  олорон,  мин  көр-
             бүтүм аҕыйах. Урут оскуолаҕа үчүгэй да этэ, элбэхпит, доҕор-
             дуу  этибит,  көхтөөхпүт.  Билигин  бары  араа-тараа  бардыбыт,
             атын-атын  сиргэ  үөрэнэбит.  Мин  билбитим  эрэ  —  техникум,
             дьиэм… Уопсайга көһүөхпүн баҕарабын. Комендант миэстэ та-
             ҕыстар олордуох буолта…
                Максим тыл кыбытар кэмэ дьэ кэллэ:
                — Мин  эмиэ  арыт  тэһийбэппин,  оскуолаҕа  үөрэммит  кэм-
             мит үчүгэй да эбит.
                Иккиэн ол сыллары санаан, саҥата суох испэхтээтилэр.
                Кинилэр  суруһаллара,  киинэҕэ,  театрга  бииргэ  сылдьал-
             лара,  дэҥҥэ  куустуһаллара,  мэниктииллэрэ,  кыыс  олбуорун
             ааныгар ыскамыайкаҕа олорон кэпсэтэллэрэ. Кэпсэтэллэрэ…
             Оҕолортон  саатан,  кистээн  көрсүһэллэрэ.  Суруктарыгар  хар-
             са суох «таптыыр доҕорум», «эн таптыыр Ираҥ… Максимыҥ»
             дэстэллэр даҕаны, саамай дьиктитэ — биирдэ даҕаны уурас-
             патахтара, сирэй көрсөн тапталларын туһунан кэпсэппэттэрэ.
                Максим, Ира да, биирдэрэ — доҕотторугар, кини суруһарын
             билэр уолаттарга, кыыс — эмиэ оннук дьүөгэлэригэр уурасты-
             быт диэн кэпсииллэрэ, онон кинилэри дьиҥнээх таптаһааччы-
             лар курдук ордугургуу саныыллара ол үтүө доҕотторо.
                Сотору Максим биир кыыһы кытта үҥкүүлээбитигэр кү нүү-
             лээн,  Ира  суруйбат  буолбута.  Онтон  экзамен  кэлтэ,  са йын
             арахсыбыттара, күһүн атын-атын сиргэ үөрэнэр буолтара. Көр-
             сөллөрө, кэпсэтэллэрэ, биирдэ эмэ көрүстэхтэринэ хаһан эрэ
             чугастыы истиҥ дьоннуу, оҕо саас доҕотторунуу. Кыыс урукку
             тапталын  санаан  көннөрү  үөрэрэ.  Уол  өссө  да  умулла  илик,
             ыраах  сылдьан  кыламныы  умайар,  арыт  күөдьүйэр  тапталыт-
             тан  эрэйдэнэрэ,  Иралыын  эйэҕэс  көрсүһүүлэрин  дьол лоох
             күннэринэн  ааҕара,  аҥаардастыы  муҥнанара.  Кини  өссө  да
             Ира миигин таптыыра буолуо дии саныыр, онтон туой аргыый
             үөрэрэ, үүнэ-тэһиинэ суох ыраланара, ол минньигэс ыратынан
             саатыыра.
                Максим  биирдэ  өйдөөн  көртө:  Ира  санаарҕаабыттыы  суо-
             лу  одуулаһан,  төбөтүн  умса  туттан  иһэр.  Номнуо  улахан  Са-
             рай  били  ыраах  көстөр  дьиэлэрин  түннүктэрэ  субу  килэһэн,
             чуга һаан кэллилэр. Тугу эмэ этэ охсуохха, үөрүүлээх көрсүүнү
             уһатыахха, кыыс түөһүн иһиттэн тахсар лыҥкынас куолаһын ис-
             тиэххэ, өссө көрсүһэргэ болдьоһуохха, уруккуну төннөрүөххэ.

              222
   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226   227