Page 225 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 225
Тылбытын байытабыт
Тапчаан — мас наара орон.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Максим Мандаров баҕа санаата, сөбүлүүр дьарыга тугуй?
2. Устудьуон уол урукку уонна билиҥҥи куораты көрүүтүн
тиэкистэн булан ырытыҥ.
3. Ира кыыс кэрэ мэтириэтин булан ааҕан баран, билиҥҥи
кыыс мэтириэтин хоһуйуҥ.
Тыыннаах тыл
«Максим куоратын одууласта: хаардаах сарайдаах чугас тааҕы
дьиэлэр бачыгыраан тураллар. Саха театрын үрүҥ куупала, нууч-
ча хаһаактарын бааһыналарын алтан төбөтө, институт таас дьиэтэ
кэрэлэнэн көстөллөр. Оок-сиэ, үрүҥ таас дьиэ аҕыйах даҕаны —
мас, мас, мас дьиэ муората…» — өйтөн үөрэтиҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. «Остуолга олоруоҕун онно ким чэйдиир, ким конспект
устар, оттон Титов аттынааҕы хоско олорор уолунуун
саахыматтыыр, хамсанан табах тардар». Урукку уонна
билиҥҥи устудьуон олоҕо туох уратылааҕын тэҥнээн көрүҥ.
2. «Бүттэҕэ ити — эмискэ кэлбит дьолу эмиэ Максим бэйэ‑
тин мөлтөҕүттэн, мөдөөнүттэн субу мүччү тутта…» —
санаа атастаһыҥ.
3. Киһи олоҕор түгэн, түбэлтэ, кэм туох суолталааҕын ыры
тыҥ, анаарыҥ.
4. Максим Иралыын кэпсэтиитигэр Ира дууһатын хамсааһы
нын кэтээн көрүҥ, ырытыҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
Диалог — айымньыга икки эбэтэр хас да киһи хардарыта кэпсэ-
тиилэрэ.
225