Page 223 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 223

— Хайа, киинэҕэ, театрга төһө сылдьаҕын? — диэн Максим
         мэҥиэ быраҕан ыйытта.
            Ира холкута олус:
            — Суох,  мин  киинэҕэ,  театрга  сылдьыбатаҕым  ыраатта.
         Арай  Маша  кыыс  билиэт  ылан  «Маннергейм  линиятын  урус-
         халлааһыны» көрбүппүт.
            — Ол тоҕо сылдьыбаккын? Киинэҕэ баҕас…
            — Мин бу сылдьар сирим ыраах уонна солом да суох. Мин
         эн  курдук  туйгуннук  үөрэммэппин,  —  кыыс  эмиэ  үөннээхтик,
         оонньуулаахтык,  уруккутун  курдук  көрөн  ааста.  Кырыыстаах
         математика кыайда. Ол-бу синус-косинус, аксиома-теорема…
            — Мин  даҕаны  үөрэхпэр  холооммун,  —  диир  Ираны  арах-
         пакка одуулаһар Максим. — Биһиэхэ киинэни босхо көрдөрөл-
         лөр,  бэйэбит  институппутугар  икки-үс  сеанс  субуота  ахсын
         буолар. Эн «Улахан вальс» диэн киинэни көрбүтүҥ дуо?
            — Суох, үчүгэй киинэ дуо? — Ира хараҕа уоттанна.
            Максим манна ити Штраус композитор туһунан киинэ бэр-
         дин хайгыыбын диэн, ис номоҕун кэпсээтэ, онон Ираны ыҥы-
         рарга сылтаҕа бэркэ чугаһыы сылдьыбытын, туһаммата.
            Ира суолтан туоруура буолла. Онон үөрэ-көтө эттэ:
            — Мин дьиэм кэллэ. Эн олус ыраах хаамтыҥ. Бу киэпкэнэн
         тоҥмоккун дуо?
            Максим  соһуйан  хаалла  —  арахсара  буолбут,  оттон  кини
         ыйы-ыйынан ыраламмыт тылларын быыс булан эппэтэ. Ираны
         муҥар киинэҕэ ыҥырбата. Аны өтөрүнэн маннык көрсөр бил-
         либэт, ким да суох, бүөм түгэни эмиэ абалаахтык куоттарда.
         Кини  Ираны  кытта  хаһан  киһилии,  малтаччы  кэпсэтэн,  тапта-
         лын биллэриэй?!
            Саҥата ити да буоллар, атыны ыйытта:
            — Ити икки дьиэттэн эйиэнэ хайатай?
            Сатаан, бэл, киинэҕэ ыҥырбатах, уруккуттан кини иннигэр
         муҥутах  доҕорун  хомойбут  сирэйиттэн  иһигэр  күлэ  санаан,
         эмиэ да уолга кыратык кыһыйан, бэйэтин көҥүлүн көөчүктээн,
         Ира:
            — Көрөөр,  хайа  дьиэҕэ  киирэрбин.  Покаа,  элбэх  киинэни
         көрөр Максим, — диэт, булгунньах үөһэ турар дьиэтигэр түр-
         гэнник таҕыста.
            Максим Ира киинэ туһунан тылын иилэ хабан, доҕорун тох-
         тотон, өссө кэпсэтэригэр эмиэ кыах баара, «Киинэҕэ барыаҥ
         дуо?» диэхтээх этэ. Ити олус боростуой уонна наадалаах, кэс-
         киллээх  тыллары  биһиги  киһибит  саҥатын  таһааран  эппэтэ,

                                                                      223
   218   219   220   221   222   223   224   225   226   227   228