Page 224 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 224

турбучча туран хаалла. Ира дьиэтин аттыттан кыһыл варежка-
             лаах хаҥас илиитинэн далбаатаат, кэлииккэнэн киирэ оҕуста.
                Бүттэҕэ ити — эмискэ кэлбит дьолу эмиэ Максим бэйэтин
             мөлтөҕүттэн, мөдөөнүттэн субу мүччү тутта, Ираны кытта бы-
             һаарсыбата, көрсүһэр күн, чаас болдьоспото.
                Ити эрээри кини үөрэн-көтөн төнүннэ: Ира олорор дьиэтин
             биллэ, Иралыын кэпсэттэ. Ира киниэхэ манньыгас, элэккэй, ол
             аата…  таптыыра  буолуо.  Ону  Максим  бүгүн  сатаан  билбэтэ.
             Кэлэр өттүгэр кэпсэтиллиэ.
                Дьокуускай  куорат  унаарыйа  көҕөрөр,  мантан  кини  биир-
             биир тиһилик буолан уһаан, тупсан көстөр.
                Максимҥа  куорат  суох  —  кини  аатырар  хара  харахтарын
             муҥунан  куоратын  көрөн  иһэр  даҕаны,  көрбөт.  Уһун  сыллаах
             аҥаардастыы дьоллоох тапталын сулуһун, Ира мичээрин, кэрэ
             сирэйин, хас хамсаныытын, тылын, куолаһын киинэ лиэнтэтин
             курдук иккиһин эргитэн көрөр, истэр курдук, субу хос саныы,
             ахта, өрөгөйдүү үөрэн иһэр. Хантан эрэ өйүгэр урут хатаммыт
             хоһоону хас да төгүл доргуччу аахта:
                                 Оо, баһыыба, ийэ,
                                 Бу кэмҥэ төрөппүккэр,
                                 Дьоллоох, саҥа үйэ
                                 Тыалынан сөрөппүккэр…
                Ээ, Амма Аччыгыйын хоһооно! «Киһи» диэн пьесаттан этэ…
                …Бу киэһэ Максим тугу да үлэлээбэтэ, аахпата. Ким Чахов-
             тыын  саха  театрыгар  «Күкүр  Ууска»  баран,  билиэт  суох  буо-
             лан матан, Аппа уҥуор кинотеатрга «Тиэриллибит кырыс» диэн
             кии нэни көрдүлэр.
                Киинэ  астыннарбата.  Шолохов  кинигэтин  ымпыктаан  би-
             лэр  дьон  булгуччутун  сирдилэр.  Куорат,  столица  артистара
             дьиҥнээх тыа, колхоз дьонун сатаан оонньооботохтор.
                Дьиэлэригэр эмиэ сытан эрэн кэпсэттилэр. Максим Ираны
             кытта  көрсүһүүтүн  туһунан,  бэл,  бу  истиҥ  доҕоругар  кэпсээ-
             бэтэ.  Утуйбакка  сытан  хойукка  диэри  Ираны  санаан,  устунан
             нуурайан утуйда.
                Бастакы таптал диэн сорох дьон итинник бэйэ таптыырыт-
             тан бэйэ дьоллоохтук сананыытын ааттыыллар.










              224
   219   220   221   222   223   224   225   226   227   228   229