Page 220 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 220
лаах. Төбөҥ муҥнаах сынньанары билбэт. Киинэҕэ, театрга
сырыттаххына, түүнү быһа олорон ааҕан, суруйан ситиһэҕин.
Аны бу хоһуҥ дьоно эйиэхэ мэһэйдииллэр, арай киэһэ эрдэ
утуйан абырыыллар, онуоха диэри ыраах. Ити колхозка бурду-
гу сатаан ыспаттарын ылахтаһаллар. Кинилэр ону манна оло-
рон билбиттэр үһү. Захаров, үһүс кылаас оҕотун курдук, ааҕан
добдугуратар. Ити кини өсөһөр быһыыта: эһиги мэһэйдиигит,
мин эмиэ диэн олорор. Титов табахтыыр, силэ айаҕар эмиэ
туолан, хантайан эрэр. Ол оннугар оонньуур киһитэ айаҕа хам
буолбат, хас хаамыытын ахсын тыл кыбытар. Кэбис, мантан
куотуохха. Тымныы салгыҥҥа, таһырдьа дьоно суох сиргэ,
чуумпуга уоскуйуохха, төбөнү кыратык сынньатыахха, таарыйа
суруйар сэһэн дьоруойун аатын булуох баара. Дьоруой аата
кинигэҕэ улахан суолталаах.
Максим таҥнан, институт уопсай дьиэлэрин киэҥ олбуору-
гар тахсан турбахтаата. Билэр уолаттара, кыргыттара манна
эмиэ хайаатар да кэпсэтэн, тыл быраҕан ааһаллар. Хонууга
эрэ тахсан, Максим дьонтон быыһанан, соҕотох санаа саныан,
сынньаныан сөп.
Саҥа тутуллубут икки мэндиэмэннээх мас алтыс оскуоланы
аттынан Максим хоту хонууга таҕыста (оччоҕо ситинтэн куо-
рат таһа саҕаланара). Улахан Сарай намыһах дьиэлэрэ ыраах
тамнааттанан көстөллөрө.
Бэҕэһээ түспүт хаар хонууну маҥхаппыт. Киирбит күн Си-
мик саһарҕата мырааны, Чочур мыраан чочумааһын үрдүнэн
кытарымтыйар. Киэҥ үрүҥ хонууну хара суоллар, ыллыктар
бысталаабыттар, аҕыйах киһи онон бокоолуур. Дьэ, манна
сынньаныахха сөп.
Бу хонуу — былыргы саха өбүгэлэрэ аатыран олорбут Туй-
маадаларын сорҕото. Манна чугас Сайсары эмээхсин олорбут,
манан Бэрт Хара, Манчаары элэстэннэхтэрэ, бастакы нууч-
чалар манна кэллэхтэрэ. Үс сүүс сыл турар кырдьаҕас мас
куорат.
Максим куоратын одууласта: хаардаах сарайдаах чугастаа-
ҕы дьиэлэр бачыгыраан тураллар. Саха театрын үрүҥ кууппа-
ла, нуучча хаһаактарын бааһыналарын алтан төбөтө, институт
таас дьиэтэ, мас халанча кэрэлэнэн көстөллөр. Оок-сиэ, үрүҥ
таас дьиэ аҕыйах даҕаны — мас, мас, мас дьиэ муората…
Максим куоратын таһыгар тэйэ соҕотоҕун кубарыйан, хо-
роллон турар Ньукуола таҥаратын дьиэтин бэтэрээ өттүнээҕи
томторго тиийэн төннөр санаалаах. Ити томтортон студеннар
олорор, умсугуйар куораттарын одуулаһалларын таптыыллар.
220