Page 216 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 216
турда. Сымыйанан уоһун хамсатан «Көмүү маршын» ылласпыта
буолла. Эмискэ күргүөмнээх саа тыаһа дьыбардаах салгыҥҥа
ньиргийдэ. Валерий соһуйан хаптас гыммытын бэйэтэ да
билбэккэ хаалла. Кини, аттыгар турааччылары тоҕу силэйэн,
дьон кэтэҕэр түстэ.
Көмүү бүттэ. Ханнык эрэ эрчимнээх ырыа ньиргийдэ. Ба-
йыаннай чаастар тэҥҥэ хардыылаан кычырҕатан аастылар.
Педагогическай техникум колоннатыгар Валерий балтын Кыы-
чаны көрдө. Кини колонналары кэннилэриттэн батыста. Куо-
рат киинигэр тиийэн колонналар тарҕастылар. Кыыча знамяны
туппут куобах бэргэһэлээх уоллуун сэргэстэһэн Полевой
уулусса диэки аа-дьуо хаамса турдулар. Балтыбын ситэн соҕо-
тохтуу көрсүөм диэн чугаһаан кэлбит Валерий тохтуу түстэ.
«Бэрт иллээхтик сэһэргэһэллэр быһыылаах. Ити уол чахчы
комсомолец буолуо. Дэлэҕэ, знамяны туппатаҕа чахчы, — кини
уоллаах кыыһы өһүөннээхтик кэннилэриттэн одуулаһан хаал-
ла. — Кэбис, кэбис… Аргыылап оҕонньор, истэн абыран: ком-
сомол күтүөттэнииһиккин!..»
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Аргыылап оҕонньор балаҕана турар сирин, былыргы эһэтин
туһунан санаата тоҕо уларыйбытый?
2. Саҥа кэм тыына, уларыйыыта, охсуһуута Аргыылап олоҕор,
майгытыгар хайдах дьайбытый? Кини уйулҕата туохтан ай
манарый, туох санааоноо кини утуйар уутун көтүтэрий?
3. Кини кыыһын (Кыыча), уолун (Валерий) туһунан этиитит
тэн кинилэр олохторо, дьылҕалара хайдах салаллыан сөбүн
сабаҕалаан көрүҥ.
4. Арамаан толору тиэкиһин булан ааҕыҥ. Сабаҕалааһыҥҥыт
төһө сөптөөх эбитий? Арамаан сүрүн дьоруойа Томмот Чыы
чаахап олоҕун суола Кыыча уонна Валерий Аргыылаптар
дьылҕаларын кытта хайдах алтыһарын сэһэргэһиҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
СОФРОН ДАНИЛОВ АРАМААННАРЫН ЖАНРА
60—70-с сыллардаахха саха литературатыгар арамаан жанра эл-
бээбитэ. Бу кэмҥэ саҥа сонун көстүүнэн социальнай-психологическай
арамааннар үөскээһиннэрэ буолбута: С. Данилов «Сүрэх тэбэрин ту-
216